Сугулаан хотугу ыччаты түмэр

Ааптар: 
09.08.2017
Бөлөххө киир:

Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин Генеральнай ассамблеята омуктар доҕордоһууларын бөҕөргөтөр, аан дойду төрүт олохтоох омуктарын үгэстэрин, култуураларын итиэннэ судаарыстыба толорор былаастарын кытары айымньылаахтык бииргэ үлэлээһиннэрин сайыннарар сыалтан, 1994 сыллаахха атырдьах ыйын 9 күнүн Төрүт олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэринэн биллэрбитэ. Онтон ыла бу күн элбэх омук биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик олорор, айар-тутар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сыллата дьоһуннук бэлиэтэнэр.

Edersaas ru.

Ааспыттан кылгастык

Улахан болҕомтону ордук ыччакка уурар, үлэҕэ-хамнаска ыччаты кытыннарар итиэннэ Аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт олохтоох омуктар ассоциацияларыгар ыччат хамсааһынын күүһүрдэр сыалтан, былырыыҥҥыттан хотугу төрүт олохтоох ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи сугулаанын тэрийэр үгэс олохтоммута.

Ыччат бастакы сугулаана 2016 сыл кулун тутар 23-25 күннэригэр Национальнай бэлиитикэҕэ судаарыстыбаннай кэмитиэт итиэннэ Аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт олохтоох омуктар ассоциацияларын тэрийиилэринэн, Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын киинигэр ыытыллыбыта. Хотугу төрүт олохтоох омуктар эдэр бэрэстэбиитэллэрэ — араас үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр 45 устудьуон түмсэн, биэс былаһаакканан («Патриотизм», «Предпринимательство», «Тыл, култуура», «Таба иитиитэ», «Чөл олох») тэриллибит кэпсэтиигэ көхтөөтүк кыттыбыта, учуонайдары уонна Ил Түмэн дьокутааттарын кытары көрсүбүтэ. Бу түмсүү үөрэҕи бүтэрэр эдэр дьоҥҥо төрөөбүт дойдуга үлэлии-хамсыы барар кэскилллээх өйү-санааны сахпыта.

Иккис сугулаан эмиэ былырыын, атырдьах ыйын 6 — 8 күннэригэр «Үс Хатыҥҥа» тэриллибитэ. Хотугу омуктар түөлбэлээн олорор улуустарыттан (Алдантан, Аллараа Халыматтан, Анаабыртан, Аллайыахаттан, Эдьигээнтэн, Кэбээйиттэн, Өлөөнтөн, Өймөкөөнтөн, Өлүөхүмэттэн, Томпоттон, Уус Маайаттан уонна Усуйаанаттан) нэһилиэктэр дьаһалталарыгар үлэлии сылдьар эдэр исписэлиистэр, учууталлар, ыччат бэлиитикэтин отделларын салайааччылара, үлэһиттэрэ уонна эдэр табаһыттар кыттыбыттара. Тус сыаллаах бырагыраамаларынан өйөбүллэргэ, уопсастыбаннай тэрилтэлэр үлэлэригэр, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар бырааптарын сокуонунан араҥаччылааһыҥҥа анаммыт лиэксийэлэри истибиттэрэ. Төрүт үгэстэргэ, ол иһигэр табаны иитиигэ, балыктааһыҥҥа тирэҕирэн, оҥорон таһаарар үлэни-хамнаһы тэрийиигэ, сайыннарыыга, нэһилиэнньэни дьарыктаах-дохуоттаах оҥорууга санаа атастаспыттара. Туһалаах дьарыгы көхтөөх сынньалаҥҥа дьүөрэлээннэр, илии-атах оонньуутугар, маамыктаны быраҕыыга, балыктааһыҥҥа күрэхтэспиттэрэ.

Үлэ тула түмсүү

Атырдьах ыйын 7-9 күннэригэр «Үс Хатыҥҥа» III ыччат форума «Сугулаан 2017 – Маут» буолла. Уон үс улуус бэрэстэбиитэллэрэ, араас биэдэмистибэлэртэн элбэх ыалдьыт кэлбит. Сугулаан аһыллыытыгар бары мустубуттары гражданскай уопсастыбалар институттарын сайыннарыы миниистирин солбуйааччы Лена Иванова уонна Аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт олохтоох омуктар ыччаттарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Саргылаана Слепцова, Ил Түмэн дьокутаата, Арктика дьыалаларыгар уонна хотугу төрүт олохтоох омуктар боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева, Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Иван Павлов уо.д.а эҕэрдэлээтилэр.

Сиэри-туому толоруу кэнниттэн форум үлэтин саҕалаата. Бастатан туран, үөрэтэр-биллэрэр дьарыктар тэрилиннилэр. Үөрэх уонна наука министиэристибэтин эппиэттээх үлэһитэ Виктория Шумилова хотугу омуктар ыччаттарын өйүүр судаарыстыбаннай бэлиитикэҕэ туһаайыллыбыт семинары салайда. Кэммиэрчэскэйэ суох холбоһуктары тэрийиигэ уонна граннарынан үлэҕэ анаммыт семинары Гражданскай уопсастыбалар институттарын сайыннарыы министиэристибэтин исписэлииһэ Мария Лазарева иилээн-саҕалаан ыытта.

Эбиэт кэнниттэн өбүгэ төрүт дьарыгар олоҕурбут, хас да түһүмэхтээх «Маут» оонньуу тэрилиннэ. Сугулаан кыттыылаахтара биэс хамаандаҕа хайдыһаннар, туйаҕынан сүүрүүгэ, балаакканы туруорууга, кулуһуну оттууга уонна умулларыыга, сыалы ытыыга бэрт көхтөөхтүк куоталастылар. Эдэр дьон көс олохтоох өбүгэлэрин үгэстэрин, тайҕаҕа туттар үөрүйэхтэрин илдьэ сылдьаллара үөртэ. Бары даҕаны бииртэн биир бэрт эбиттэр, онон, күрэхтэһии элбэх ыһыылаах-хаһыылаах, бэрт көрдөөх буолла. Ыччаттар салгыы эмиэ бөлөхтөрүнэн арахсан, эбээн, эбэҥки уонна юкагир норуоттарын этнокултуураларыгар анаммыт маастар-кылаастарга дьарыктаннылар, ырыаҕа-үҥкүүгэ холоннулар. Күнү доҕордоһуу киэһэтэ уонна этно-дискотека түмүктээтилэр.

Атырдьах ыйын 8 күнүгэр, ол эбэтэр бэҕэһээ, сугулаан үлэтэ бырайыактары билиһиннэриигэ итиэннэ хотугу омуктар национальнай оонньууларыгар ананна. Үлэни-хамнаһы тэрийиигэ кэккэ бырайыактар бааллара үөртэ, олору олоххо киллэрэргэ тус сыаллаах бырагыраамалар граннарын куонкурустарыгар хайдах уонна туох докумуоннары хомуйан-бэлэмнээн кыттар туһунан биэдэмистибэлэр исписэлиистэрэ үгүс сүбэни-аманы биэрдилэр. Сырыы ахсын сугулаан тиэмэтэ кэҥэтиллэн, кыттааччытын ахсаана эбиллэн, болҕомто ордук миэстэҕэ оҥорон таһаарар үлэни-хамнаһы тэрийиигэ ууруллар буолан иһэрин тэрийээччилэр киэн тутта бэлиэтииллэр.

Бүгүн сугулаан кыттыылаахтара түһүлгэлэрин ыраастыахтара итиэннэ Дьокуускайга Орджоникидзе аатынан болуоссакка Төрүт олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэринэн итиэннэ төрүт олохтоох омуктар бырааптарыгар ХНТ Декларация ылыммыта 10 сылын туолуутун чэрчитинэн тэриллэр “Көс олох — 2017” национальнай бырааһынньыкка, атырдьах ыйын 10-12 күннэригэр Алдаҥҥа былааннанар Хотугу төрүт олохтоох омуктар ассоциацияларын Сүрүннүүр сүбэтин көһө сылдьар мунньаҕар кыттыахтара.

Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, Edersaas ru.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0