Судургутутуллубут нолуок болдьоҕо 2023 сылга диэри уһаан биэрдэ

03.04.2019
Бөлөххө киир:

Судургутутуллубут нолуок намтатыллыбыт ыстаапката салгыы уһатыллыбытын туһунан СӨ Экэниэмикэтин миниистирэ Майя Данилова иһитиннэрдэ. 2019 сыл кулун тутар 20 күнүгэр Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар СӨ нолуогун бэлиитикэтин туһунан 14 №-дээх сокуонугар уларытыы киллэрэн, намтатыллыбыт ыстаапкалаах судургутутуллубут нолуок болдьоҕун уһатан биэрбиттэр.

edersaas.ru

Онон урбаан үлэһиттэрэ 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2023 сыл ахсынньы 31-гэр диэри чэпчэтиллибит нолуогу төлүөхтэрэ. 5 бырыһыаннаах нолуок тыа уонна ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр, булчуттарга, балыксыттарга, обработка салаатыгар олохтонно. Оттон 10 бырыһыаннаах нолуогу судургутутуллубут көрүҥҥэ көспүт бары урбаанньыттар төлүөхтэрэ.

Нолуок кээмэйэ өрөспүүбүлүкэ улуустарынан көрөн тус-туһунан буолуоҕа. Холобур, Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Ленскэйгэ – 6%, хотугу уонна арктическай улуустарга – 2%, атын муниципальнай тэриллиилэргэ – 4%.

Үүнээйи, оҕуруот аһын олордуутунан, ынах-сүөһү иитиитинэн дьарыктанар дьон, ойуур маһын соҕотуопкалааччылар, балыксыттар, булчуттар, обработка, көмпүүтэр бырагырааматын оҥорор IT салаатын үлэһиттэрэ 3% нолуогу уйунуохтара.

Маннык чэпчэтии үлэ миэстэтин таһаарар, дьоҕус уонна орто урбааны сайыннарар дьону өйүүр сыалтан оҥоһулунна. НДС 20% диэри үрдээбитэ табаары уонна төлөбүрдээх өҥөнү оҥорооччулары хаарыйбата эрээри, бу нолуогу атыылаһааччылар, ол иһигэр урбаанньыттар эмиэ төлүүллэр.

«Инникитин өрөспүүбүлүкэҕэ биир кэлим тыа хаһаайыстыбатын нолуогун ыстаапкатын «0» диэри түһэрэр туһунан кэпсэтии бара турар. Итиэннэ үүнээйи олордуутунан уонна ынах-сүөһү иитиитинэн дьарыктанар урбаанньыттар төлүүр нолуоктарын патент ньыматыгар көһөрөргө РФ Госдууматыгар 483530-7 №-дээх федеральнай сокуон барыла көрүллэр”, —  диэн эттэ миниистир Майя Андреевна.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0