“Сахамедиа” холдинг суруналыыстара Уус Алдан улууһугар Кэптэни нэһилиэгэр баар бааһынай-фермерскай хаһаайыстыба туһунан «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит. Ынах, сылгы иитиитинэн дьарыктанар бөдөҥ тэрилтэни Анатолий Бурнашев тутан олорор. Кини тыа сиригэр улахан тиэргэни тэринэргэ туох-ханнык кыһалҕалар баалларын кэпсээтэ. edersaas.ru
Анатолий Бурнашев орто үөрэҕи бүтэрэн баран Дьокуускайга чааһынай предпринимателинэн үлэлээбит. Ону кытта тэҥҥэ Кэптэнигэ сылгы иитиитинэн дьарыктаммыт. Кэлин куораттан көһөргө сананан, төрөөбүт сиригэр-уотугар хаһаайыстыбатын кэҥэттэн үлэлээн саҕалаабыт. Онуоха үгүс дьон: “Тыа сиригэр ыарахан усулуобуйаҕа үлэлии тахсаҕын дуо?” — диэн соһуйа ыйыталаспыт. Эдэр киһи онно санаатын токуруппатаҕа — иннин диэки дьүккүйбүтэ.
Кэптэни фермерэ Анатолий Бурнашев 2015 сыллаахха бэйэтин үбүнэн хотон туттан, ынах иитэр үлэтин саҕалаабытынан барбыта. Кирэдьииккэ ынах атыылаһаары сырыттаҕына, оччотооҕу СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Артемьев бэлиэтии көрөн, чахчы ис санааттан хаачыстыбалаах тутуу эбит, дьиэ кэргэнинэн ферма тэринэн, граҥҥа киирсэн көр диэн сүбэтин эппит.
Эдэр фермер докумуон хомуйсан, 2016 сыл олунньутугар грант ылары ситиспит. Онон Уус Алданнааҕы хаһаайыстыбалартан сүөһү атыылаһан, билигин номнуо сүүс төбө ынаҕы иитэр. “Былырыын нэһилиэктэн тэйиччи турар сиргэ ньирэй хаайардаах, ынах ыырдаах сайылык тэриммиппит. Ынахтары күҥҥэ иккитэ ыыбыт. Чугас бааһыналаахпыт, сарсыардааҥы ыам кэнниттэн онно мэччийэллэр”, — диэн Анатолий кэпсиир.
Хаһаайыстыба сүрүн хотоно офиһы кытта холбуу турар, манна сотору кэминэн толору хааччыллыы киириэхтээх. Иһирдьэнэн-таһырдьанан уонча үлэһит баар, ыанньыксыттарынан үс олохтоох уолаттар үлэлииллэр. Аны тиэргэҥҥэ саҥа тутуу бара турар. Тимир каркааска сэндвич-панель ууран, икки бүк хос поликарбонат үрдүлээн, сылаас киллэрэн ньирэйдэр кыстыыр хотонноро тутулла турар эбит. “Кэлин хаһаайыстыбабыт кэҥээтээҕинэ, өссө улахан хотон тутуохпут, оччотугар бу тутуу кыһыҥҥы тэпилииссэҕэ кубулуйуохтаах”, — диэн салайааччы былааннарын кэпсиир.
Анатолий тыа сирин үлэтиттэн чаҕыйар санаата суох: “Ыарахан диэн баран сыттахха, туох баҕар ыарахан буолар”. Кини, бастатан туран, эдэр киһи бэйэтин үлэтинэн кыаҕын-таһымын көрдөрүөхтээҕин, үлэлииргэ булгуруйбат санаатын бигэргэтиэхтээҕин бэлиэтиир. «Бастаан үлэбин көрдөрөн, хаһаайыстыбабын атаҕар туруоран баран, араас граҥҥа киирсэр, бырагыраамаҕа күрэхтэһэр санаалаахпын. Билигин тиэхиньикэлэрим бары эргэрэн бүттүлэр, биир алдьанна даҕаны, үлэ барыта тохтуур. Саҥа тиэхиньикэтэ аҕалыҥ диэн кимтэн даҕаны көрдөөбөппүн. Үлэбинэн ситиһэргэ дьулуһабын”, — диэн санаатын ситэрэр.
Хас даҕаны сыллааҕыта Анатолий хаһаайыстыбата сылгы сииригэр диэн суданскай оту ыһан боруобалаан көрбүтэ. Манна таарыйа, ынах төһө биһириирин эмиэ бэрибиэркэлээбиттэрэ. Оттон быйыл, от тиийбэт түгэнигэр эбии аһылык оҥостоору, Новосибирскайтан суданскай от туорааҕын сакаастаан ылан, 210 гектар сиргэ ыһан үүннэрэн көрбүт. Икки сүүс киилэни 40 тыһ. солк. атыыласпыт. Онон быйыл кыһын сүөһү сиир ото баар.
От ынах үүтүн, этин хаачыстыбатыгар охсубатаҕына, эһиил өссө элбэҕи сакаастаан ыһар санаалаахтар. Саамай сүрүнэ диэн — бу от кураан даҕаны дьылга бэриммэт, бэйэтин киэлитинэн үүнэр. Ол эрээри, куһаҕана диэн, бу оту атыылаһыыга туох даҕаны субсидия, анал бырагыраама көрүллүбэт. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Петр Алексеев Кэптэнигэ кэлэ сылдьан, суданскай от үүнүүтүн көрбүт-истибит. Кини: “Сүөһүгэ туох даҕаны куттала суох буоллаҕына, субсидия баар буоларын толкуйдуохпут”, — диэн олохтоохтор туруорсар кыһалҕаларын истибит.
Анатолий саҥа саҕалыыр фермер буоларын быһыытынан, эһиилгиттэн ынах ахсаанын элбэтэр былааннаах. Бу баҕатын сир суоҕа атахтыырын этэр. Урут холкуос ыһыллыытын саҕана үллэһиккэ барбыт сирдэри дьон бэйэтигэр докумуоннатан тутан олорор. Сорохтор сирдэрин аатын, ханна баарын билбэт да буолуохтарын сөп. Хаһаайыстыба бу сирдэри оттууругар элбэх эрэйи көрсөр. Ил Дархан Егор Борисов эдэр фермердэри кытта көрсүһүүтүгэр бу тыын боппуруос күүскэ туруоруллубут. “Ону төһө кыалларынан быһааран, өйүөх буолбута”, — диэн Анатолий сөптөөх быһаарыныы ылынылларыгар эрэнэр.
Эдэр фермер Анатолий Бурнашев аны үс сылынан ыанар ынаҕын ахсаанын икки сүүскэ тиэрдэр санаалаах. Ол иһин бу хотоннору тутан, саҥа уопуту туһанан, харса суох үлэлии-хамсыы сылдьар. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар сыаллаах, тыа үлэтин, сүөһүнү өрө тутар эдэр фермердэргэ — суоллара киэҥ, далааһыннаах.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru