Балаҕан ыйын 27 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ!
Бу дьоһун күнү көрсө биһиги ХИФУ юридическай факультетын дассыана, юридическай наука хандьыдаата, юстиция генерал-майора Иван Корякины кытары 2018 сыллаахха кэпсэппиппитин хатылыыбыт.
— Иван Иннокентьевич, билигин сорох дьон 1990-с сылларга ылбыт суверенитеппыт суох буолла, онон Өрөспүүбүлүкэ күнүн сымыйанан бырааһынньыктыыбыт диэх курдук тутталлар. Бу ис дьиҥэ хайдаҕын эн, юрист быһыытынан, хайдах быһаараҕыный?
— Мин, бастатан туран, “суверенитет” диэн тылы быһаарыахпын баҕарабын. Бу француз омук тылыттан киирбит тыл, судаарыстыба тутулуга суох буолуута диэн ис хоһоонноох. Суверенитеттаах, ол эбэтэр кимтэн да тутулуга суох, бэйэтин баһын бэйэтэ билинэр судаарыстыба салалтатын, тутулун, судаарыстыбаннай уорганнарын ситимин, олохтоох салайыныыны тэрийии төрүттэрин быһаарар, үбүн-харчытын, экэниэмикэтин, баанын систиэмэтин тэрийэр, сирэ-уота (территорията) чөл уонна дойдуга бэрээдэк баар буолуутун хааччыйар, Конституциянан олохтоммут тутулун итиэннэ тутулуга суох буолуутун көмүскүүр.
— Ханнык баҕарар судаарыстыбаҕа нэһилиэнньэ, олохтоох омуктар бэйэни салайыныыларын тиһигэ баар буолар.
— Оннук. Саха чулуулара, бас-көс дьоно, үөрэхтээхтэрэ бэйэни салайыныы быраабын төһө кыалларынан туһана сатаабыттара. Өссө уон сэттис үйэ 70-c сылларыттан саҕалаан бэйэлэрин бырааптарын быһаарсыбыттара. Саха дьоно Москубаҕа икки төгүл тиийэн, нуучча ыраахтааҕытын көрсүбүт Тыгын сиэнэ Маһары Баһыакап, Кэтириинэ ыраахтааҕыга “Сахалар тустарынан былааны» илдьэн туттарбыт Бороҕон улууһун кулубата Сэһэн Ардьакыап, Саха сирин норуоттарын уопсастыбаннай-политическай өйдөрүн-санааларын уһугуннарбыт Баһылай Никиипэрэп-Күлүмнүүр итиэннэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин тэрийбит Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Степан Аржаков уо.д.а. ааттарын умнубаппыт. РСФСР иһинэн Саха АССР тэриллиэҕиттэн аптаныамыйа ыстаатыһын кэҥэтэр үлэ-хамнас утумнаахтык ыытыллыбыта.
1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР уон иккис ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыта. Бу дьоһун докумуон Саха сирин Арассыыйа Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан биллэрбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын (Төрүт Сокуонун) оҥорууга төрүөт буолбута. Итинэн өрөспүүбүлүкэ бэйэтин социальнай-экономическай сайдыытын, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга тугу ордук чорборун, ханнык хайысхалары сүрүн оҥосторун бэйэтэ быһаарынар кыахтаммыта. Ыһыллыы-тоҕуллуу саамай уустук кэмигэр бу Декларация уонна саҥа Төрүт Сокуон норуоту биир санааҕа түмпүттэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ чуолаан Декларацияҕа тирэҕирэн итиэннэ Бэрэсидьиэн Михаил Николаев муударай салайыытынан сөптөөхтүк дьаһаммыта уонна атын өрөспүүбүлүкэлэри сэргэ саҥа Арассыыйа тэҥ бырааптаах субъегын быһыытынан Федеративнай дуогабарга илии баттаспыта. Ол түмүгэр, Арассыыйа Федеративнай судаарыстыба быһыытынан чөл хаалара ситиһиллибитэ.
— Борис Ельцин былааска кэлэн баран биир маҥнайгы луоһуна «төһө кыайаргытынан суверенитеты ылыҥ» диэн этэ дии.
– Тоҕо диэтэххэ, Сэбиэскэй Сойуус Конституциятын бастакы ыстатыйатыгар Сойууһунай өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрин көҥүл өттүлэринэн туспа судаарыстыбаны үөскэтиэхтэрин сөбүн туһунан сурулла сылдьара. (Сахалыы санаан көрдөххө, дойду мөлтөөбүт-ахсаабыт кэмигэр маннык этэр ирдэммитэ эбитэ буолуо). Сэбиэскэй Сойууска биир иллээх дьиэ кэргэн курдук олорбут сойууһунай өрөспүүбүлүкэлэрбит ону истээт, туспа барбыттара. Арассыыйа Федерациятын иһигэр сылдьыбыт Чечня эмиэ арахсар боппуруоһу туруорбута, ол түмүгэр 1995 сыл сааһыгар сэрии күөдьүйбүтэ, кэлин ол терроризмҥа кубулуйбута. Бэрэсидьиэн Владимир Путин бу ыстатыйаны «мина замедленного действия» диэн мээнэҕэ этиэ дуо?
— Оттон биһиги суверенитеппыт?
— Кэм-кэрдии ирдэбилинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонуттан «суверенитет» диэн тыл чахчы ылыллыбыта. Итини өрөспүүбүлүкэ суверенитета былдьаммытын эбэтэр көрүнньүк тылга эрэ хаалбытын курдук саныыр төрүт сыыһа. Тоҕо диэтэххэ, ити үөһэ эппитим курдук, суверенитет судаарыстыбаҕа эрэ баар буолар. Биһиги судаарыстыбабыт – Арассыыйа Федерацията, кини суверенитеттаах судаарыстыба! Оттон Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Арассыыйа судаарыстыбатын быстыбат сорҕото. Арассыыйа суверенитета – Саха Өрөспүүбүлүкэтин суверенитета.
Судаарыстыба суверенитета үс көрүҥнээх: политическай, национальнай уонна экэнэмиичэскэй. Бастакыта судаарыстыбаннай былаас уорганнарын, уопсастыбаннай тэрилтэлэр туруоруммут сыалларын ситиһэр, иккиһэ – норуоттар, нациялар интэриэстэрин кытары сибээстээх уопсастыбаннай-политическай идиэйэнэн салайтарыллар, үсүһэ хаһаайыстыба, экэниэмикэ сайдыытыгар туһуламмыт үлэ буолар. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бу үс хайысханан үлэлээн-хамсаан, дойдубутун бөҕөргөтөбүт, Арассыыйа суверенитетын туругурдабыт. Дьон-сэргэ, ордук ыччат дьэ маны чопчу өйдүүрэ наада.
Дойду салалтата РФ Конституциятын сэттис ыстатыйатынан салайтаран, нэһилиэнньэ дьоһуннук олорор усулуобуйатын тэрийэр соруктаах. Кини ылынар сокуоннара, дьаһаллара, бырагыраамалара барыта киһи сөптөөх үөрэхтээх, үлэлээх, хамнастаах, дьиэлээх-уоттаах, биэнсийэлээх буоларын, дьиэ кэргэнин иитэрин, көҥүллүк сайдарын хааччыйар усулуобуйаны тэрийиигэ туһуланаллар. Бу дойдубут социальнай хайысхалаах судаарыстыба буоларын, суверенитета бөҕөргүүрүн мэктиэтэ.
Судаарыстыбаннас күнүн саҥа талыллыбыт Айсен Николаев диэн Ил Дарханнаах, Ил Түмэҥҥэ саҥа дьокутааттардаах, саҥа спикердээх, сорох улуустар, нэһилиэктэр саҥа баһылыктадаах көрүстүбүт. Билигин харыны ньыппарынан үлэлиэххэ эрэ наада. Түгэнинэн туһанан, биир идэлээхпин, университет юридическай факультетын декана Петр Гоголевы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытынан эҕэрдэлиибин, ситиһиилээх үлэни баҕарабын!
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
2018 сыл.