Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар «Поступление в вуз онлайн» сервис нөҥүө сайабылыанньаны ыытыахха сөп

Бөлөххө киир:
Быйыл Саха сирин үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар 6 115 бүддьүөт миэстэтэ көрүлүннэ.  Үөрэххэ туттарсыыга докумуону тутуу бэс ыйын 20 күнүттэн саҕаланар.

Абитуриеннар дойду иһинээҕи бары судаарыстыбаннай үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр уонна филиалларыгар докумуоннарын  онлайн форматынан, ол эбэтэр «Госуслуги»  судаарыстыбаннай өҥө порталыгар «Поступление в вуз онлайн» сервис нөҥүө ыытар кыахтаахтар. Эрдэ сервис бүддьүөт миэстэтигэр туттарсааччыларга эрэ туһаныллыбыт эбит буоллаҕына, быйылгыттан төлөбүрдээххэ,  тус сыаллаах  уонна чэпчэтиилээх  миэстэлэргэ туттарсааччыларга эмиэ үлэлиир.

Ссылканан киирэн инструкцияны көрүҥ: https://www.gosuslugi.ru/10077/1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0