Судаарыстыбаннай диэйэтэл Юрий Готовцевка мемориальнай дуосканы арыйдылар

Ааптар: 
07.10.2019
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускай куорат  киинигэр турар Киров уулуссатын 15 №-дээх дьиэтигэр (сэбиэскэй кэмҥэ бу дьиэҕэ Үп министиэристибэтэ баара) үөрүүлээх быһыыга-майгыга судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Юрий Готовцевка анаммыт мемориальнай дуоска аһылынна.

edersaas.ru

Бүгүн, алтынньы 7 күнүгэр, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, табаарыстара, аймахтара, өрөспүүбүлүкэ  уопсастыбаннаһа Юрий Александрович Готовцев төреебүтэ 80 сылын бэлиэтээтилэр.

Юрий Готовцев Өймөкөөн, Муома, Орто Халыма улуустарын бочуоттаах олохтооҕо этэ. Ол да иһин Ил Түмэн Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев:

Үтүө киһи билигин баара буоллар, үбүлүөйдээх 80 сааһын биһиги ортобутугар үөрэ-көтө бэлиэтиэх этэ. Кини бэлиэ күнүн бүгүн өрөспүүбүлүкэ уопсастыбанннаһа бүттүүн бэлиэтиир. Юрий Александрович төрөөбүт Сахатын сирэ  социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ, — диэн мемориальнай дуосканы арыйыы кэмигэр бэлиэтээтэ.

СӨ Судаарыстыбаннай сулууспа уонна эргиэн бэтэрээнэ Виктор Шемчук:

Юрий Готовцев киһи быһыытынан уһулуччу үтүө сиэрдээх майгылаах киһи этэ.  Кини өрүү дьоҥҥо көмөлөһөр, кыамматтары өйүүр айылгылааҕа. Хаһан да «бу киһи кыахтаах, оттон кини кыаллыбат» диэн араарбат этэ. Ыраахтан чугастан кэлбит дьоҥҥо салайааччы аана өрүү аһаҕас буолара. Юрий Александрович ханна да — эргиэн министиэристибэтигэр, социальнай салааҕа, парламент дьокутаатынан үлэлээтэр, бэйэтин үлэтигэр олус бэриниилээҕэ уонна эппиэтинэстээҕэ. Биһиги, оччолорго салайар үлэҕэ саҥа сыстан эрэр ыччаттар, киниттэн бэрт элбэххэ үөрэммиппит уонна өрүү киниэхэ тэҥнэһэ сатыырбыт, — диэн аҕынна.

Юрий Готовцев ханнык да эппиэттээх үлэҕэ үлэлээтэр, төрөөбүт Өймөкөөнүн кытта ыкса сибээһин быспат этэ. Бу туһунан суолталаах тэрээһиҥҥэ кытта кэлбит Роза Кондакова маннык ахтар:

Юрий Готовцев — Өймөкөөн улууһун олохтоохторо биир баар суох холобур оҥостор киһибит. Биһиги биир дойдулаахпыт  ис иһиттэн үрдүк култууралаах, оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас курдук биир тэҥник сыһыаннаһара. Мин Өймөкөөн нэһилиэгэр баһылыгынан үлэлии сырыттахпына, Юрий Александрович бэрт истиҥник: «Дьахтар салайааччы дьоҥҥо өрүү чугас. Кытаат, үлэҕэр үгүс ситиһиини баҕарабын», — диэн алҕаабытын, күн бүгүҥҥэ диэри күндүтүк саныыбын. Мин Юрий Готовцев олорбут дириҥ ис хоһоонноох олоҕун, төрөөбүт Өймөкөөнүн сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбитин  кэриэстээн, киниэхэ анаммыт мемориальнай дуоска аһыллыытыгар кэллим.

Яна Хусанова  Дьокуускайдааҕы сервис технологическай техникумун иккис кууруһун устудьуонката:

Биһиги техникуммутун судаарыстыбаннай диэйэтэл  Юрий Готовцев эргиэн миниистиринэн олорон сүүрэн-көтөн астарбыт.  Онон  үөрэхпит кыһатын историятыгар олугу уурбут Юрий Готовцев аатын иҥэриэхтээхтэр. Биһиги быйылгы сылы быһа Юрий Александрович 80 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, кини үлэтигэр, олоҕор сыһыаннаах араас кэмпириэнсийэлэри тэрийдибит. Ахсынньыга түмүктүүр тэрээһини научнай-кэмпириэнсийэ быһыытынан ыытыахпыт, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Саха сиригэр судаарыстыбаннаһы бөҕөргөтүүгэ, экэниэмикэ, үлэ, социальнай бэлиитикэ салааларыгар сокуон базата олохтоноругар  норуот дьокутаатын быһыытынан сүҥкэн кылаатын киллэрбит Юрий Готовцев үтүө аата мемориальнай дуоскаҕа үйэтитиллиитигэр үгүс киһи сырытта, тыл эттэ.

Мемориальнай дуоска аһыллыытыгар  махталлаах дьон анаан кэлэн, Юрий Александрович Готовцевка үтүө аатыгар сүгүрүйэн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа Мария Васильева (СИА) уонна ааптар түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0