СӨ Ил Дархана Айсен Николаев 2019 с. ыам ыйын 6 күнүнээҕи Ыйааҕынан Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыстарыгар А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтэ иҥэрилиннэ.
Саха сирин кинематографияҕа искусствотын сайдыытыгар уонна киинэни аан дойду таһымыгар билиһиннэрэргэ ураты кылааттарын иһин, норуот билиниитин ылбыт “Тойон Кыыл” киинэ айар кэлэктиибигэр А.Е.Кулаковскай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтэ иҥэрилиннэ:
Зоя Гаврильевна Поповаҕа — П.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр артыыскатыгар;
Прокопий Прокопьевич Даниловка – П.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр артыыһыгар.
Зоя Попова – дыраама тыйаатырын уонна киинэ артыыската, СӨ үтүөлээх артыыската.
Сунтаар улууһун Кутана с. төрөөбүтэ. 1974 сыллаахха ССРС Малай тыйаатырын иһинэн М.С.Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены бүтэрбитэ. 1974-2000 сс. – Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай драматическай тыйаатыр артыыската. 2000 сылтан П.А.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар үлэлиир.
Сүрүн оруоллара: “Хотугу сибэкки” — Чаархааннаах Хобороос, “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” – Хайахсын, “Дыгын Дархан” – Таалай удаҕан, “Үс реалист” Раиса Аммсова уо.д.а.
Зоя Попова – айар тыл маастара, өрөспүүбүлүкэ үгүс Ыһыахтарын сценарийын ааптара, “Туругуруу ыһыахтара” кинигэ ааптара. 2012 сылтан Олоҥхо научнай-чинчийэр састаабын үлэһитэ. “Тойон Кыыл”, “Бэйбэрикээн эмээхсин” киинэлэргэ сүрүн оруоллары толорбута.
Прокопий Данилов Горнай улууһун Маҕарас с. төрөөбүтэ. 2013 с. искусство уонна култуура Арктикатааҕы судаарыстыбаннай институтун бүтэрбитэ, дыраама тыйаатырын уонна киинэ артыыһа. 2013 сылтан Саха академическай тыйаатырыгар үлэлиир.
Саха тыйаатырыгар оруоллара: “Оҕоҕо баҕарбыт” – Тэллэй, “Кустук” – Кырбый, “Чиччик” – Бальтазар, “Бүгүн эбэтэр хаһан да буолбатах” – Максим Аммосов, “Хайаан да эргиллиэм” – Уйбаан, “Сир иччитэ” – Микулайчаан уо.д.а.
Киинэҕэ оруоллара: “Сааскы кэм”, “Айыы Уола”, “Феррум”,“Кэрэл”, “Уол оҕото” уо.д.а.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru