Субсидияны сайабылыанньата суох биэрии уһаата

Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан, коронавируснай инфекцияны утары охсуһуу миэрэлэрин чэрчитинэн, хомунаалынай өҥөлөргө субсидияны сайабылыанньата суох ылыы бэрээдэгэ муус устарга диэри уһаата.

Онон, маннык субсидияны ылар туһуттан, туох да сайабылыанньаны суруйар, докумуоннары илдьэр ирдэммэт, субсидия бэйэтэ кэлэ турар. Ол туһунан ыйаахха бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.

Субсидия 6 ый болдьохтоох бэриллэр. Бу болдьох бүттэҕинэ, сайабылыанньаны, докумуоннары саҥаттан бэриллиэхтээх. Билигин субсидияны ылаллара 2021 сыл тохсунньутуттан муус устарга диэри бүтэр болдьохтоох дьон кэлэр 6 ый устата сайабылыанньа суруйаллара ирдэммэт.

Маннык субсидияны кыра дохуоттаах, ый аайы хомунаалынай өҥөҕө хамнастарын төһө эрэ бырыһыаннаах кээмэйин ыытар дьон ылар кыахтаахтар. Ол кээмэйи эрэгийиэн бэйэтэ олохтуур. Холобур, Саха сиригэр бу кээмэй дьиэ кэргэн ыйдааҕы дохуотун 15%-гар тэҥнэһэр. 2020 сыл ааспыт 11 ыйын устата 17 906 ыал 617 мөлүйүөн солкуобай суумалаах субсидиянан туһаммыт. 

Бу иннинэ бырабыыталыстыба субсидияны ылыы бэрээдэгин судургутуппута. 2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хомунаалынай өҥө төлөммүтүн туһунан квитанциялары, чектэри, иэс суоҕун туһунан ыспыраапканы илдьэн биэрэр ирдэммэт. Субсидия ааҕыныстыбата тустаах тэрилтэлэртэн электроннай көрүҥүнэн итинник информацияны бэйэтэ булан ылар буолуоҕа.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0