Субсидиялаах билиэттэри хантан атыылаһабыт?

Бөлөххө киир:

Быйылгыттан  Арктика 13 улуустарын бары олохтоохторо  Дьокуускайга диэри уонна төттөрү көтөргө субсидиялаах билиэттэринэн туһанар кыахтаннылар. «Полярные авиалинии» АХ чэпчэтиилээх билиэттэрин хантан атыылаһабыт? 

Ол курдук, субсидиялаах билиэтинэн Арктика улуустарыгар  бырапыыскалаах киһи эрэ туһанар бырааптаах. 14 сааһын туола илик оҕоҕо билиэт атыылаһар буоллаххытына, хайаан даҕаны оҕо ханна регистрациялааҕын туоһулуур сибидиэтэлистибэ ирдэнэр  (8 форма).

Кулун тутар 31  күнүгэр диэри көтүүгэ билигин чэпчэтиилээх билиэттэр  «Полярные авиалинии» АХ каассаларыгар атыыланаллар:

— Курашов уул., 29,  08.00 — 20.00 ч.  Өрөбүлгэ –  10.00 -15.00. Төл.: 8(4112)424801. 2GIS: https://go.2gis.com/5n64i

— «Дьокуускай» аэропуордугар баар каассаҕа (өрөбүл күҥҥэ үлэлээбэт), төл.: 8(4112)495445. 2GIS: https://go.2gis.com/2cmvt8

—  «Маҕан» аэропуорда, субуотаҕа уонна өрөбүлгэ үлэлээбэт, төл.: 8(4112)406036. 2GIS: https://go.2gis.com/doa2c

— Биисинэс-киин дьиэтэ  (Киров уул.,18, блок А, 1 этээс), субуотаҕа уонна өрөбүлгэ үлэлээбэт, төл.: 8(4112)219799. 2GIS:  https://go.2gis.com/j42ft

— «Полярные авиалинии» АХ дьиэтэ  (Жуковскай уул., 10), субуотаҕа уонна өрөбүлгэ үлэлээбэт, төл.:  8 (4112) 443090. 2GIS:  https://go.2gis.com/6ghkf

Улуустардааҕы каассалары ссылканан киирэн көрүҥ: https://polar.aero/mobile/uslugi/podrazdeleniya/kassy-po-prodazhe-biletov/

Сайыҥҥы өттүгэр көтүү билиэттэрэ олунньу бүтүүтэ атыыга тахсыахтаах диэн туһааннаах хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Билигин субсидиялаах билиэттэр маннык хайысхаларынан атыыланаллар: 

1.  Дьокуускай — Баатаҕай  —  9100  солк.
2. Дьокуускай — Депутатскай — 11000  солк.
3. Дьокуускай — Зырянка  — 11900  солк.
4.  Дьокуускай — Сааскылаах  — 14600 солк..
5.  Дьокуускай — Орто Халыма —  13600 солк.
6.  Дьокуускай — Тиксии — 11800 солк.
7.  Дьокуускай -Черскэй — 23050 солк.
8.  Дьокуускай — Чокуурдаах  — 12700  солк.
9.  Дьокуускай —  Белай Гора — 13100  солк.
10. Дьокуускай — Муома (Хонуу)  — 9900 солк.
11.  Дьокуускай  — Өлөөн —  11000 солк.
12. Дьокуускай — Уус Куйга —  10500 солк.
13. Дьокуускай — Саккырыыр 9200 солк.
14. Дьокуускай — Эдьигээн —  8800 солк.

2-тэн  12-гэр диэри саастаах оҕолорго субсидиялаах билиэт сыанатыттан  25%-наах чэпчэтии оҥоһуллар.

Ыспыраапка: 

Санатан эттэххэ, арктическай улуустарга Абый, Анаабыр, Аллайыаха, Булуҥ, Үөһээ Халыма,  Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытантай улуустара киирэллэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0