Субсидиялаах билиэтинэн нэһилиэнньэ ханнык араҥата туһанарый?

Бөлөххө киир:

Арассыыйа иһигэр көтөргө судаарыстыба оҥорор субсидиялара биллэр көмөлөөхтөр. Быйыл субсидияҕа 27,5 миллиард  бэриллибитэ. Мантан аҥаара кэриэтэ  туристар олус наадыйар 439 маршруттарыгар бэриллибитэ.

Арассыыйаҕа билигин эрэгийиэннэр маршруттарын  өйүүр үс бырагыраама үлэлиир. Бырагыраамалар  Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук ураты суолталаах хайысхаларыгар салгын тырааныспарынан  таһыыга субсидияны көрөллөр. Субсидия көмөтүнэн билиэт сыаната түһэр. Бу Горнай Алтай уонна Саха сирин курдук  ыраах сытар эрэгийиэннэргэ олус наадалаах. Ону таһынан, сорох эрэгийиэннэр олохтоох уонна эрэгийиэннэр икки ардыларыгар көтүүгэ субсидияҕа бэйэлэрэ бырагыраамалаахтар. Оннук бырагыраамалар Уһук Илиҥҥэ, Калининградка уонна Симферопальга үлэлииллэр.

Субсидиялаах билиэтинэн нэһилиэнньэ ханнык араҥата туһаныан сөбүй?

23 саастарын  туола илик эдэр  дьон;

-55 саастарын туолбут дьахталлар уонна 60-тан үөһээ саастаах эр дьон;

-доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор уонна кинилэри арыаллыыр дьон;

-элбэх оҕолоох ыаллар.

2022 сыл бүтүөр диэри итинник бырагыраамалар көмөлөрүнэн салгын аалынан көтөр 5 мөлүйүөн курдук киһини хааччыйар былааннаахтар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0