Тыһыынчаттан тахса эдэр ыал субсидиянан дьиэлэннэ

30.11.2017
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат дьокутааттара 2018 сыллааҕы бүддьүөт бырайыагар бастакы ааҕыыларыгар “Эдэр дьиэ кэргэттэри олорор дьиэнэн хааччыйыы” хос бырагыраама үбүлээһинин 50 мөл. солкуобайынан улаатыннардылар. 2017 сыллаахха Дьокуускай куоракка бу бырагыраама үбүлээһинэ өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай бүддьүөттэн 117 мөл. солк. этэ. edersaas.ru

Ыччат сыла буолбутугар, Егор Борисов сорудаҕынан, былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ инвестиционнай бырагыраамаҕа эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыыга муҥутуур улахан суума – 868,8 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Ол онтон 361,2 мөл. солк. федеральнай субсидия, 296,6 мөл. солк. өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна 210 мөл. солк. муниципальнай бүддьүөттэн үп көрүллүбүтэ.

Онон, былырыын 350 эдэр ыал дьиэлэммит эбит буоллаҕына, быйыл  тыһыынчаттан тахса эдэр ыал олорор усулуобуйаларын тупсарар кыахтаннылар. Балаҕан ыйыгар диэри дьиэ туттарга, эбэтэр атыылаһарга анаан 1001 сибидиэтэлистибэ бэриллибитэ. Аҥардас Дьокуускай куоракка сүүсчэкэ ыал дьиэлэннэ.

Субсидия 35 сааһын туола илик (кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ буолуон сөп), олорор дьиэҕэ наадыйар уонна кирэдьиити төлүүр кыахтаах эдэр ыал дьиэ атыылаһарыгар, эбэтэр туттарыгар анаан бэриллэр. Оҕолоох ыалларга дьиэ сыанатын 35%-нын, оҕото суохтарга 30%-нын төлүүллэр. Ипотекаҕа бастакы төлөбүрүн, эбэтэр кирэдьиити төлүүргэ эмиэ туһаныахха сөп. Быйылгы сылга Дьокуускайга 528 эдэр ыал уочаракка турар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0