Арассыыйа Резервнэй пуондатыттан Уһук Илин эрэгийиэннэриттэн субсидиялаах көтүүгэ анаан, авиахампаанньаларга 2,5 млрд солк. эбии тыырылынна.
Бүгүҥҥүттэн “Аэрофлот” субсидиялаах билиэттэри атыыга таһаарда. Бу иннинэ атыыга тахсыбыт субсидиялаах билиэттэр кылгас кэм иһигэр бүтэн хаалбыттарыгар, атыыны тохтотон кэбиспиттэрэ. Онон, соҕуруу сынньана, күүлэйдии барар былааннаах буоллаххытына, билиэттэри атыылаһарга сибилигин саамай тоҕоостоох кэм.
Ол курдук, Дьокуускайтан Москваҕа, Санкт-Петербурга диэри билиэт сыаната — 8 тыһ. солк., оҕолорго — 6250 солк.,
Хабаровскайга, Иркутскайга – 3,5 тыһ. солк., оҕолорго — 2,8 тыһ. солк.,
Новосибирскайга – 6,5 тыһ. солк., оҕолорго — 5125 солк.,
Сочига – 7,8 тыһ. солк.,
Симферопольга — 9 тыһ. солк., оҕолорго — 7 тыһ. солк.,
Екатеринбурга — 7 тыһ. солк., оҕолорго — 5,5 тыһ. солк.,
Владивостокка — 7,4 тыһ. солк., оҕолорго — 5,8 тыһ. солк.,
Соҕуруу Сахалинскайга — 3,5 тыһ. солк., 2,8 тыһ. солк.
Үбү-харчыны маннык үллэрдилэр: Приморскай кыраайга – 587 мөл. солк., Хабаровскай кыраайга – 452 мөл. солк., Забайкальскай кыраайга – 250 мөл. солк., Саха сиригэр – 312 мөл. солк., Бурятияҕа – 180 мөл. солк., Амурскай уобаласка – 274 мөл. солк., Сахалиҥҥа – 174 мөл. солк., Камчаткаҕа – 245 мөл. солк., Магадаҥҥа – 172 мөл. солк., Чукоткаҕа – 59 мөл. солк.
Былырыыҥҥыттан ыла бу бырагыраамаҕа уларыйыылар киирэн, бириэмэтэ хааччахтаммакка, сылы эргиччи көтөр кыах үөскээбитэ. 64 маршрут эбиллэн, барыта 134 хайысханан көтөргө чэпчэтии көрүллэр. Ону тэҥэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр эмиэ бу чэпчэтиинэн туһанар кыахтаммыттара.
Билигин 23 сааһын туола илик ыччаттар, 55-тэн аҕа саастаах дьахталлар уонна 60-тан аҕа саастаах эр дьон, I группалаах инбэлииттэр, II, III группалаах оҕо эрдэхтэриттэн инбэлиит дьон, I группалаах инбэлиити уонна инбэлиит оҕону арыаллыыр киһи, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн буоларын туһунан дастабырыанньалаах, эбэтэр атын да бигэргэтэр докумуоннаах дьон көтөр бырааптаахтар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru