Үҥкүүһүт, ырыаһыт, спортсменка, үчүгэй үөрэнээччи, чинчийээччи, о.д.а. үгүс үтүө, холобур буолар хаачыстыбалардаах, быһатын эттэххэ, били, “Студентка, комсомолка, спортсменка и, наконец, просто красавица” диэн этии Сайаана Уйгуроваҕа бары өттүнэн барсар. Атына диэн, Сайаана билиҥҥитэ, А.Г.Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Өлүөхүмэ улууһун Абаҕа орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ.
edersaas.ru
Спорка уһуйуллуу
Кырачаан Сайаана бэйэтин өйдүүр буолуоҕуттан үҥкүүлүүр, ыллыыр. Оскуола боруогун атыллаат, физкультура диэн бэрт интэриэһинэй уруок баарын билбитэ. Бу уруогу оҕолорго ураты сымнаҕас майгылаах, бииртэн биир умсугутуулаах оонньуулары тэрийэр, куруук айылҕаҕа сүүрдэр-көтүтэр К.П.Семенов ыытара. Бэһис кылаастан П.И.Аржакова үөрэтэр буолуоҕуттан, кыракый кыысчаан спордунан букатыннаахтык умсугуйбута. Кини салалтатынан чэпчэки атлетиканан дьарыктанан саҕалаабыта. Салгыы волейбол, баскетбол секцияларыгар сылдьар буолбута. Улууска остуол тенниһигэр биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиигэ маҥнайгы, волейболга, самбоҕа иккис, чэпчэки атлетикаҕа үһүс миэстэлэрдээх. Бу көрүҥнэртэн ордук остуол тенниһигэр үгүс күрэхтэһиилэргэ кыттар. Тоҕо бу көрүҥү ордук чорботорун туоһуласпыппар:
— Остуол тенниһинэн хаһааҥҥыттан дьарыктаммыппын бу диэн өйдөөбөппүн. Тоҕо диэтэххэ, кыра эрдэхпиттэн аҕам спортивнай саалаҕа илдьэ сылдьааччы. Онно оҕолор теннискэ оонньуулларын сэргии көрөрүм. Аҕам – хапсаҕайга СӨ спордун маастара, оҕолору көҥүл тустууга уонна остуол тенниһигэр дьарыктыыр. Мин тенниһи сэҥээрбиппин бэлиэтии көрөн, кыралаан эрчийэн барбыта. Бу көрүҥ атыттартан уратыта диэн – болҕомтолоох буоларга үөрэтэр уонна дьыл кэмиттэн тутулуга суох, хаһан баҕарар оонньуохха сөп.
Бэлиэтээн эттэххэ, аҕа баһылык Анатолий Афанасьевич Уйгуров – Өлүөхүмэтээҕи оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Сайаана сүрүн үөрэҕин, спортивнай оскуолатын таһынан өссө Өлүөхүмэтээҕи Искусство оскуолатын филиалыгар “вокал” кылааһыгар үөрэммитэ. Хас да сыл үөрэммиттэрин кэннэ, тустаах кылааһы сабан кэбиһэн, бүтэрбэккэ хаалбытын хомойо кэпсиир. Чинчийэр үлэнэн О.Ю.Рожкова салайааччылаах Өлүөхүмэтээҕи техническэй сайыннарыы уонна гуманитарнай үөрэхтээһин киинигэр дьарыктанар.
Уопсастыбаннай үлэ
Сайааналаах быйыл кылаастарыгар ахсыа эрэ буолан хаалбыттар. Кыраларыттан олус эйэлээхтэр. Салайааччылара – химия, биология учуутала А.Т.Иванова. Сайаана иллэҥ кэмин халтай атаарарын сөбүлээбэт.
— Чинчийэр үлэ уонна спорт тус бэйэбэр туһалаахтар. Ол эрээри, дьоҥҥо эмиэ туһалыахпын, оскуола олоҕо сэргэх буолуон баҕарабын. Кылааспар ыстаарастабын. Уопсастыбаннай үлэм чопчу мантан саҕаламмыта диэн этэр кыаҕым суох. Арай, кыра кылааска үөрэнэ сылдьан, тэлэбиисэринэн Айыллаана диэн көрбөт кыыс туһунан кэпсээбиттэрэ, олус үчүгэйдик ыллыыра. Эпэрээссийэҕэ барарыгар элбэх харчы наадатын эппиттэрэ. Сарсыныгар кылааспар тиийэн, ол оҕоҕо көмөлөһүөҕүҥ диэн этии көтөхпүтүм. Учууталбыт Сардаана Петровна уонна оҕолор бары өйөөн, кулуупка кэнсиэр көрдөрбүппүт. Онно киирбит харчыны ол оҕоҕо ыыппыппыт. Киниэхэ көмөлөһөн, бары да олус астыммыппыт.
Чинчийэр үлэҕэ холонуу
Маҥнай улуустааҕы “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ учуутала С.П.Николаева салайыытынан “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” диэн тиэмэнэн кыттан, чинчийэр үлэҕэ бастакы кыраамататын ылбыта. Бу үлэтигэр дьиэ кэргэнин гербэтиттэн саҕалаан, төрөөбүт дойдутун историятыгар тиийэ чинчийбитэ. Төрдүс кылааска үөрэнэр сылыгар “Мин – чинчийээччибин” диэн улуустааҕы куонкурус ыытыллыбыта. Онно нуучча суруйааччыта Галина Шалаева оҕолорго аналлаах хоһооннорун сахалыы тылбаастаан кыттыбыта.
— Кыра эрдэхпинэ, өссө ааҕа, суруйа иликпинэ, хоһоон курдук айан этэн кэбиһэр тылларбын ийэм сурунан ылар этэ, – диэн ийэтигэр махтанарын биллэрэр.
Алын кылааска тапталлаах суруйааччытын Галина Шалаева кинигэтин бэлэхтээбиттэрэ. Кырачаан кыысчаан ааптар ити кинигэтигэр киирбит хоһооннорун сахалыы тылбаастыырга холоммута. Ити үлэтинэн эрэгийиэҥҥэ кыайан, салгыы Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы “Мин – чинчийээччибин” куонкуруска дипломан аатын ылбыта. Улахан куонкуруска ити маҥнайгы кыттыыта этэ. Алтайтан сылдьар Арчынай диэн кыыһы кытта доҕордоспута. Ол кыыс алтайдар суһуохтарын симэҕин чинчийэрин, кинилэр симэхтэрэ сахалар гиэннэригэр майгынныырын, төһө да алын кылааска эрэ үөрэннэр, сөҕө, бэлиэтии көрбүтэ.
Алтай кыыһын сабыдыала
Мин тулуйбакка-тэһийбэккэ: “Онтон ыла түүр омуктар кэрэ куоларын суһуохтарын чинчийэргэ санаммытыҥ дуо?”, — диэн ыйытабын. Ол эрээри, мин санаабытым курдук буолбатах эбит. Бэһис кылаастан, ийэтэ, А.Г.Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолатын саха литэрэтиирэтин, култууратын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ “Бастыҥ учуутала” грант хаһаайката Раиса Иннокентьевна Уйгурова салалтатынан дьарыктанан барбыт. Уопуттаах педагог оҕотун хара ааныттан уустук тиэмэнэн хадаҕалаабакка итиэннэ ааҕар сааһын да куоттарбат инниттэн буолуо, дьиэлэригэр баар 2 тыһ. тахса кинигэлээх бибилэтиэкэлэрин чинчийэргэ көмөлөспүтэ. Бу үлэтинэн Сайаана улууска III, өрөспүүбүлүкэҕэ IV истиэпэннээх дипломнарынан наҕараадаламмыта.
— Онтон Москваҕа сылдьан сөҕө көрбүт алтайдарым симэҕин сахалыы оҥоһуктары кытта тэҥнээн көрөргө быһаарыммытым. Инньэ гынан, алтыс сылбын “Түүр омуктар суһуохтарын симэҕэ” диэн тиэмэнэн дьарыктанабын. Эппитим курдук, бастаан алтайдар уонна сахалар симэхтэрин тэҥнээн көрбүтүм. Бу үлэм биһирэбили ылан, сэттис кылааска үөрэнэр сылбар Ахмед Ясави аатынан университет ыҥырыытынан, Казахстаҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттан, II истиэпэннээх дипломунан бэлиэтэммитим. Казахстаҥҥа сылдьан эбии матырыйаал хомуйан, аны казахтар симэхтэрин кытта тэҥнээн көрбүтүм.
Ити үлэтинэн “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ лауреат аатын ылан, Санкт-Петербург куоракка “Учуонай буоларга дьулус” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ лауреат буолбута. Ити курдук, алтай кыыһын кытта доҕордоһуутуттан үөскээн тахсыбыт “Түүр омуктар суһуохтарын симэҕэ” Сайаана чинчийэр үлэтин сүрүн тиэмэтэ буолар.
Аччыгый академия дьиҥнээх чилиэнэ
2016 сыллаахха СӨ Наукаларын Аччыгый академията аан маҥнай дьиҥнээх чилиэннэри уонна чилиэн-кэрэспэдьиэннэри таларга куонкурус биллэрбитэ. Куонкурус түмүгүнэн, Сайаана Академия дьиҥнээх чилиэнэ буоларын туоһулуур дастабырыанньаны уонна түөскэ иилинэр бэлиэни Өлүөхүмэ улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга А.В.Солдатов ааспыт үөрэх дьылыгар үөрүүлээх быһыыга туттарбыта. Быйылгы дьылга Академия грант ылар иһин куонкурус биллэрбитигэр, эдэр чинчийээччи өрөспүүбүлүкэҕэ уон иһигэр киирсэн, 200 тыһ. солк. грант сэртипикээтин тутар дьолун билбитэ. “Көрүллүбүт граны хайдах туһанар былааннааххыный?”, — диэн ыйыталаспыппар:
— “Түүр омуктар суһуохтарын симэҕэ” тиэмэҕэ чинчийэр үлэбин салгыырга анаабыттара. Илии баттаһарбытыгар, техническэй сорудах диэн биэрбиттэрэ, ону толоруохтаахпыт. Үлэбэр эбии матырыйаал хомуйа Казань куоракка барыахтаахпыт. Маны таһынан, виртуальнай быыстапканы тэрийии, кинигэ тахсыыта, о.д.а. үлэлэр былааннаналлар.
21-с үйэ ыччата
Сэһэргэһиибитин түмүктүү таарыйа, аныгы үйэ ыччата хайдах буолуохтааҕын, ханнык идэни талыан баҕарарын туһунан туоһулаһабын. Онуоха Сайаана тута, эрдэттэн иитиэхтии сылдьыбыт санаатын таба тайаммытым курдук, сайдыы олус түргэнник барар кэмигэр олорорбутун, саҥа үөрүйэхтэри ылынан иһиэхтээҕин, ыччат тастан киирэр куһаҕан дьайыыларга бэриммэт буолуохтааҕын туһунан, букатын улахан киһилии хоруйдуур.
— Чопчу бу идэни талыам диэн этэн кэбиһиэхпин туттунабын. Ол эрээри, ханнык да идэни талбытым иһин, уопсастыбаҕа туһалаах киһи буоларга дьулуһуом. Бу, аҕыйах күнүнэн “Артек” лааҕырга бараары сылдьабын. Бу сырыым идэбин таларбар көмөлөөх буолуо дии саныыбын, — диэн эдэр чинчийээччи кэпсээнин түмүктүүр.
“Сахамедиа” иһинэн үлэлиир “Саха сирин айдарыылаах оҕолоро” бырайыакка туох эрэ дьикти дьоҕурдаах, билиигэ-көрүүгэ талаһар, уустуктартан чаҕыйан турбат, ситиһиилээх, о.д.а. үтүө, атыттарга холобур буолар хаачыстыбалардаах оҕолор туһунан суруйабыт. Ол эрээри, атыттарга тэҥнээбэппит, сыана быспаппыт. Кинилэр дьоҕурдарын, кыахтарын, ситиһиилэрин ааҕааччыга тиэрдэбит. Бырайыакка кыттыс!
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар Уйгуровтар дьиэ кэргэн архыыбыттан туһанылыннылар.