Батсаап ситиминэн Анаабыр улууһун аэропордун туһунан информация субуота киэһэтиттэн саҕалаан тарҕанна.
Прокопий БУБЯКИН, https://edersaas.ru
«Балаһабытын уу ылбыт. Сөмөлүөт нэһиилэ кураанах кэми баттаһан көппүт. Хаайтарыы бөҕө. Бэс ыйын 13 күнүнээҕилэр 16 чыыһылаҕа эрэ көппүттэрэ. 15-с чыыһылатааҕылар көтө иликтэр. Ол кэннэ порт сабыллан хаалла. Бүгүҥҥэ диэри элбэх рейс хаайтарда».
— Батсаап ситиминэн маннык информация субуота киэһэтиттэн саҕалаан тарҕанна. «Саха сирэ» үлэһиттэрэ маны ис дьиҥин билэн, үгэспитинэн, дьоҥҥо кэпсииргэ сананныбыт.
«30-ча ыалы көһөрдүлэр»
Евгений Константинов, «Анаабыр уоттара» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ, Сааскылаах олохтооҕо:
— Аэропорпут наар ууга барар. Быйыл уу олус элбэх. Аэропорт пассажирдары мунньар куорпуһун (накопитель) олоппосторугар диэри уу ылбыт. Аэропорт дьиэтин урут ылбат этэ. Урут оҕо саадын таһын ылааччы. Саҥа тутуллубут финскэй дьиэлэрбит олохтоохторун эвакуациялаабыттара. Атахха турар 12 кыбартыыралаах икки дьиэ баар. Оҕо саадын таһынааҕылары аахтахха, отучча ыал буолуо. Ол да буоллар, наһаа алдьатыылаах буолуо диэбэппит. Бачча айылаах элбэх уу кэлиэ суоҕа дии сылдьыбыппыт.
— Аэропорт тиэхиньикэтэ инчэйдэҕэ дии?
— Буолуон сөп, билигин чуолкай биллибэт.
-Хас киһи хаайтаран олороруй?
— Хаайтарыы үөскүүрэ чуолкай. Уу хаһан түһүөр диэри. Нэдиэлэ турара буолуо. Түспүтүн кэннэ кууруон наада. Ол кэннэ тиэхиньикэ киллэрэн балаһаны көннөрөн анньыахтара.
— Пассажирдар онно диэри олоруохтара дуо?!
— Олох ыксаатахтарына, былаастар мантан бөртөлүөт көтүтэн, Өлөөн аэропордун нөҥүө стыковка рейстэри толкуйдуохтара. Өлөөн аэропорда үрдүк сиргэ турар турар. Биһиэнин курдук буолбатах.
«Якутия» билиэти атыылыы олорор
Чуолкайын билээри, Анаабырга көтөр “Якутия” уонна “Полярные Авиалинии” авиахампаанньаларга эрийэ сырыттым. “Якутия” билигин «Дьокуускай-Сааскылаах» рейскэ билиэттэри атыылыы олорор. Миэхэ «сарсын, бэнидиэнньиккэ көтүөххүн сөп» диэтилэр. «Аэропорт ууга барбытын истэ иликтэрин» эттилэр. Оттон “Полярные Авиалинии” авиахампаанньа хайа да төлөпүөнэ бүгүн эппиэттээбэтэ.
Прокопий БУБЯКИН, https://edersaas.ru