«Суһал көмө» массыыналара эбии аҕалыллыбыттар. Бу туһунан сонуну коронавирус дьаҥын утары үлэлиир ыстааптан иһитиннэрдилэр.
Суһал көмөнү оҥорорго анал массыыналарынан эрэгийиэннэри хааччыйар туһунан РФ Бырабыыталыстыбатын дьаһала тахсыаҕыттан, Саха сиригэр от ыйыттан «УАЗ» уонна «Соболь» мааркалаах 31 көлө кэллэ. Итинтэн уон биирэ «С» (реанимационнай) кылаастаах, сүүрбэтэ — «Б» кылаастаах.
Бу көлөлөртөн өрөспүүбүлүкэ киинигэр 14 массыына хаалла. Онтон атына оройуоннарга барбыта уонна ыытыллар. «С» кылаастаах көлөлөрүнэн Алдан, Мииринэй, Ньурба уонна Бүлүү бөһүөлэгэ хааччыллаллар.
Аан бастаан, бэс ыйыгар 11 көлө кэлбитэ. Балаҕан ыйыгар — 14, алтынньыга — алта. Онон элбэх оройуон тырааныспарынан хааччыллан олорор. Бу күннэргэ Өлөөн уонна Алдан оройуоннарын киин балыыһаларыгар «суһал көмө» массыыналара тиэрдиллиэхтэрэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1