СУҺАЛ: Өймөкөөҥҥө Куйдуһун муостата сиҥиннэ

Ааптар: 
20.05.2017
Бөлөххө киир:

Сыл аайы Өймөкөөҥҥө саас-күһүн Куйдуһун үрэх Томтор уонна Сордоҥноох нэһилиэктэрин ситимниир «Олох муостата» саас үрэх муустан босхолонуута, күһүн — улахан ардах кэнниттэн күүстээх сүүрүгү кытта устан бараары эрэйдиир.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Бу күннэргэ Куйдуһун үрэх икки биэрэктэрин муостаны ситимниир оҥоһуулара тэҥҥэ сиҥнэн, уу кэллэр эрэ, муоста икки арда «атан», эмиэ үрэх ортотугар туран хаалар куттала үөскээтэ. Ол эбэтэр, хаһан муоста оҥоһуллуор диэри Сордоҥноох дьонугар-сэргэтигэр, сыл аайы буоларын курдук, сырыылара хаайтаран, астарын-үөллэрин таһыыларыгар эмиэ күчүмэҕэйдэр үөскүүллэр.

Сордоҥноох нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Анна Павлова иһитиннэрбитинэн, сайыҥҥы кэмҥэ сордоҥноохтор өрүү эрэйдэнэр буолан, кыһыҥҥы суолунан социальнай суолталаах астарын эрдэттэн хааччынан кэбиһэллэр. Ол курдук, 2012 сыллаахха тэриллибит «Уйгу» потребительскай кэпирэтиип бэһис сылын киин куораттан ас бородууктатын эрдэттэн тиэйэн аҕалар. Ол эрээри сорох бородуукта син биир бүтэр.  Онон бурдук, саахар аны күһүҥҥэ тиийэр саппаас баар буоллаҕына, үгүс наадалаах ас бу ый бүтэһигэр диэри эрэ хаалбыт. Уматык эмиэ бүтэн эрэр, чааһынай массыналаахтар эмиэ  онно-манна баралларыгар хаайтараары гыннылар.

Нэһилиэкпитигэр үс урбаанньыт аһынан-үөлүнэн хааччыйар маҕаһыыннаах. Ол да буоллар, кинилэргэ да, үгүс ыалга да тушенка, чэй, мас арыыта курдук күннэтэ сиэниллэр ас аҕыйаата. Соторутааҕыта ГИБДД үлэһитэ кэлэ сылдьан: «Куйдуһун муостатын өрөмүөннүүргэ аукцион ыытылла турар. Онон сотору кэминэн өрөмүөн үлэтэ саҕаланыа», — диэн уоскутан барбыта. Билигин үрэх мууһа бара илик буолан, дьон сатыы туорууллар, — диэн кэпсиир Анна Иосифовна.

Бу боппуруоһу «Саха сирэ» хаһыат хонтуруолга ылла. Онон бу тиэмэҕэ өссө да төннүөхпүт.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0