СУҺАЛ: Чокуурдаахха балык собуота умайа турар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аллайыаха улууһун Чокуурдаах сэлиэнньэтигэр балык собуота умайа турарын туһунан сурах кэллэ.

Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Таһырдьа тымныы, тыаллаах. Тыллабыр киирээтин кытта, түөрт баһаарынай массыына тута кэлбит. Олохтоохтор эмиэ күүстэрэ кыайарынан көмөлөһө сатыыллар. Дьиҥинэн, балык собуота үлэлээбэккэ турбута ыраатта. Онон, туохтан сылтаан уот турбутун ким да билбэт. Собуоттан чугас хочуолунай баар, хата, онно куттал суоһаабатах . Хайдаҕын да иһин, баһаарынай
массыыналар бааллара эрэли үөскэтэр. Уот туохтан турбутун туһааннаах уорганнар быһаараллара эрэбил. Бу күүтүллүбэтэх быһылаан балыксыттары улаханнык хомотор буолуохтаах.
Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0