СУҺАЛ: Белай Гора аэропорда сабылынна!

Ааптар: 
21.06.2017
Бөлөххө киир:

Биһиги сайтпыт Сааскылаах аэропордун уу ылбытын туһунан суруйан турар. Билигин балаһыанньа арыый көммүт, уу түспүт. Маннык кыһалҕа аны атын улууска үөскээбит. edersaas ru.

Елена Находкина, Сааскылаах олохтооҕо:

— Уу түһэн, билигин дьон куурдунар-ыраастанар түбүгэр түстүлэр. Аэропорпут бадараанынан көрөн олорор, бу ыйы быһа сабылынна. Айанныыр дьону бөртөлүөтүнэн Өлөөҥҥө диэри илдьэллэр, салгыы сөмөлүөтүнэн Дьокуускайдаталлар. Ол эбии түбүгү-ороскуоту эрэйэр да буоллар, хайыахтарай, путевкаларын эрдэттэн төлөөн эмтэнэ эбэтэр уоппускатыгар барар киһи элбэх буоллаҕа.

Ааспыт кыһын саҕаланыыта Чуумпу акыйаантан кэлбит циклон сылаас салгыны аҕалан, Халыма эҥээр улуустарга халыҥ хаар ыга түспүтэ. Сорох сиргэ, ордук Абыйга, хаар халыҥа икки-үс миэтэрэҕэ тиийбитэ!


Станислав Цюхцинскай, Абый улууһун баһылыга:

— Хаарбыт ууллан, бөһүөлэктэр ууга барар кутталлара үөскүө диэн эрдэттэн бэлэмнэммиппит. Муҥурдаахха, Сыаганнаахха, Абыйга ыксаллаах быһыыны-майгыны, Кэбэргэнэҕэ бэлэм буолууну биллэрбиппит. Киэҥ Күөл учаастагар уу тоҕус дьиэни ылла, онно 23 киһи, ол иһигэр биир оҕо, биир инбэлиит олорор. Ону таһынан, сүүрбэ биир дьиэ, ”Чуораанчык” оҕо саадын, спортзал, маҕаһыын олбуордарын ылла, дьиэлэргэ киирбэтэ.

Сыаганнаахха уу тоҕус дьиэни ылла, олорго 30 киһи, 10 оҕо олорор. Итиэннэ сүүрбэ түөрт олбуору, ол иһигэр 17 ыал олбуорун, уулуссалары, сөмөлүөт түһэр былаһааккатын ылла. Оттоох Атахха икки олбуору, ол иһигэр уон икки кыбартыыралаах уопсай дьиэ турар олбуорун ылла.

Билиҥҥи туругунан, уу түһэн эрэр, балаһыанньаны хонтуруоллуу, бырабыыталыстыбаны кытары сибээһи тута олоробут, миэстэҕэ суһал хамыыһыйалар үлэлииллэр, ким наадыйбыкка суһал көмөнү тэрийэбит, мантан инньэ тахсыбыт хоромньуну ааҕыахпыт, аах оҥоруохпут.

Кутталы аны Индигир эбэ үөскэтиэх курдук. Суһал иһитиннэрии чахчытынан, Өймөкөөн улууһугар өрүскэ уу киирэн эрэр, ол биһиэхэ кэлиэхтээх.

Хайаттан түһэр үрүйэлэрбит, Уйаандьы, Сыаганнаах курдук үрэхтэрбит кыралаан сүүрдэн эрэллэр. Ол уу улуус киинигэр, Белай Гора бөһүөлэгэр, суоһаабат эрээри, аэропорпутун ылла. Онон, бэҕэһээ киэһэ 5 чаастан аэропорт сабылынна. Баччаларга, биллэрин курдук, айаннааччы элбэх буолар. Анапаҕа барыахтаах 11 тулаайах оҕо уолдьах бүгүн Дьокуускайга көтүөхтээх этилэр, кинилэри “Полярные авиалинии” хампаанньа бөртөлүөтүнэн Зырянкаҕа ыытар, онтон Дьокуускайга сөмөлүөтүнэн илтэрэр гына кэпсэттибит. Уу хаһан түһэн, былаһаакка кууран, аэропорт аһыллара ыраах, онон мантан ыла итинник тиксиһиннэрэр көтүүлэргэ эрэ эрэниллэр.

Аллайыаха улууһугар Индигир салаата Дьолоон үрэх халааннаан, Бөрөлөөх нэһилиэгин 138 киһи олорор Чкалов бөһүөлэгэр кутталы үөскэппит: уу билиҥҥитэ биир да дьиэни ыла илик эрээри, элбэх ыал олбуоругар киирбит, дизельнэй ыстаансыйаҕа 20 миэтэрэ чугаһаан турар…

СУҺАЛ: Сааскылаах аэропордун уу ылла

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0