Суһал: Арҕахтаахха уу эбиллэ турар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Орто Халыма улууһугар Алаһыай өрүс халааннаан Сыбаатайга уонна Арҕахтаахха кутталы үөскэппитин туһунан биһиги бэҕэһээ суруйан турабыт.

edersaas.ru


Билигин Сыбаатайга уу кыралаан түһэн эрэр буоллаҕына, Арҕахтаахха уу кэлиитэ күүһүрэн биэрдэ. Ол иһин, бүгүн быыһааччылар сулууспаларын байыастара «Полярные авиалинии» хампаанньа Ми-8 бөртөлүөтүнэн тиийэн олохтоохторго көмөлөһөн, малы-салы уонна сүөһүнү уу ылбат үрдүк сиригэр таһаардылар. Итиэннэ 15 киһини, ол иһигэр биэс оҕону улуус киинигэр, Орто Халыма куоратыгар, аҕаллылар диэн быыһааччылар пресс-сэкирэтээрдэрэ Николай Фатеев иһитиннэрдэ.

Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Быыһааччы Сергей Алексеев хаартыскаҕа түһэриитигэр: Арҕахтаахха бүгүн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0