Өрөспүүбүлүкэ 2030 сылга диэри социальнай-экономическай сайдыытын тосхолун (2050 с. диэри былааннааһынын) стратегията оҥоһуллан бүтэн дьон-сэргэ дьүүлүгэр таҕыста. Бу маны Экономика министиэристибэтэ сүрүннүөҕэ. Ааспыт нэдиэлэҕэ докумуон барылын өрөспүүбүлүкэ каадырдарын резервэтигэр киирбит эдэр исписэлиистэр, ыччат бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, «Миниистир» оонньуу кыттыылаахтара ырыттылар.
Эдэр учуутал Рустам Каженкин норуот тыла-өһө, култуурата экономика уопсай сайдыытын кытары биир кэккэҕэ турбута олус үчүгэйин этэн туран: «Аудивизуальнай нэһилиэстибэ диэн өйдөбүл баар. Ол эрээри биһиэхэ билигин ити үлэлээбэккэ турар. Холобур, нуучча литературатыттан ыллахха, Анна Ахматова «Реквиемын» бэйэтэ ааҕарын интернет ситимиттэн булуохха сөп буоллаҕына, биһиги киэн туттар дьоммут саҥаларын-иҥэлэрин, тойуктарын-ырыаларын, үҥкүүлэрин санаатыбыт да ылан көрөр кыахпыт суох. Онон 2030 с. диэри баар баайбытын, ытыктыыр дьоммут этэн-тыынан хаалларбыттарын норуокка таһаарыаҕыҥ», — диэн этии киллэрэр.
Стратегия барылын бырабыыталыстыба сайтыгар «sakha.gov.ru» диэн аадырыһынан киирэн Экономика министиэристибэтигэр көрүөххүтүн сөп. https://mineconomic.sakha.gov.ru/Strategiya-2030
Дьүүллэһии биир ый устата барыаҕа. Онон этиилээх буоллаххытына, ахсынньы 1 күнүгэр диэри министиэристибэ аатыгар суругунан эбэтэр электроннай почтанан ыытыаххытын сөп. Стратегия ырытыллан, дьүүллэһиллэн Ил Түмэҥҥэ эһиил сыл бастакы аҥарыгар киириэҕэ.
Аграфена КУЗЬМИНА.