Страховой биэнсийэ үрдээтэ

Бөлөххө киир:

Олунньу 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ 120 тыһыынча биэнсийэлээҕин страховой биэнсийэтэ 5,4% үрдээтэ. Ортотунан 428-998 солкуобайынан үрдүө диэн Биэнсийэ фондатын үлэһиттэрэ иһитиннэрэллэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 270 тыһыынча биэнсийэлээх баар. Кинилэртэн 240 тыһ. киһи страховой биэнсийэни ылар. 120 тыһыынча биэнсийэлээх үлэлии сылдьар. Сокуон быһыытынан, үлэлээбэт эрэ дьоҥҥо биэнсийэлэрэ индексацияланар.
Маны сэргэ, олунньу 1 күнүттэн ыйдааҕы харчынан төлөбүр (ЕДВ) эмиэ 5,4%-нан үрдээтэ. Саха сиригэр бу төлөбүрү 62 500 киһи (федеральнай чэпчэтиилэринэн туһанааччылар, инбэлииттэр, бэтэрээннэр, радиацияҕа сутуллубуттар, Сэбиэскэй Сойуус, Арассыыйа Дьоруойдара, уо.д.а.) ылар.
Олунньу 1 күнүттэн киһини көмүүгэ бэриллэр социальнай босуобуйа индексацияланан, 5 562 солк. тэҥнэстэ. Оройуоннарынан көрөн, коэффициеҥҥа төгүллэнэр.
Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ үрдүөхтээх. Атырдьах ыйыгар үлэлиир биэнсийэлээхтэр страховой биэнсийэлэрэ хос ааҕыллыа.
Саха сиригэр биэнсийэ алын таһыма тиийинэн олоруу кээмэйиттэн кыра буолбат. Тиийинэн олоруу кээмэйэ биэнсийэлээхтэргэ бастакы зонаҕа – 16 406 солк, иккискэ – 13 492 солк. Өскөтүн биэнсийэ бу кээмэйтэн кыра буоллаҕына, регион эбии төлүүр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0