Булгуччулаах медицинскэй страховка Саха сиринээҕи пуондата кулун тутар 10 күнүгэр страховка медицинскэй тэрилтэлэрин кытта ыарыһахха туһуламмыт систиэмэни тэрийиигэ бастакы дьаһалы ыытта. Дьаһал «БМС эйигин кытта» акция чэрчитинэн ыытылынна.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Сүрүн иһитиннэриилэри БМС территориятааҕы пуондатын дириэктэрэ А.В.Горохов, «Сахамедстрах» генеральнай дириэктэрэ Г.Д.Варфоломеева, «Росгосстрах-Саха сирэ – Медицина» ХЭО Дьокуускайга дириэктэрэ А.Н.Андреева оҥордулар.
Страховка бэрэстэбиитэллэрин институтун олоххо киллэрии Арассыыйа бары регионнарыгар үс түһүмэҕинэн уонна үс таһымынан ыытыллар (2016 сыл от ыйын 1 күнүттэн 2018 с. тохсунньу 11 күнүгэр диэри). Бастакы таһымҥа – «Контакт-киин» страховкаҕа бэрэстэбиитэллэрэ, иккис таһымҥа – страховкалаах киһиэхэ сыһыарыллыбыт бэрэстэбиитэллэр, үһүс таһымҥа – эмтиир тэрилтэлэр өҥөлөрүн хаачыстыбатын экспертэрэ уонна үрдүк таһымнаах исписэлиистэрэ киирэллэр.
2016 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ страховка бэрэстэбиитэллэрин института үлэлиир. Институт страховкалаах дьоҥҥо медицинскэй көмө бары түһүмэҕэр сүбэ-ама биэрэр аналлаах. Саха сиригэр биир бэрэстэбиитэлгэ 9 792 киһи тиксэр.
Мунньах кыттыылаахтара ураты интэриэстэрин Мирнэй уонна Алдан улуустарын страховкаҕа бэрэстэбиитэллэрин үлэлэригэр уурдулар. Бу улуустар бэрэстэбиитэллэрэ видео-сибээс көмөтүнэн дьокутааттар ыйытыктарыгар хоруйдаатылар.
Мунньах кыттыылаахтара страховка бэрэстэбиитэллэрэ эмтиир тэрилтэлэргэ көмөлөһөллөрүн бэлиэтээтилэр. Кинилэр страховкалаах киһи диспансеризацияны барара наадатын туһунан иһитиннэрэллэр, балыыһаҕа кэмигэр киирэрин, быраас анаабыт эмин уонна сүбэтин төһө тутуһарын уо.д.а. хонтуруоллууллар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru