Бүгүн – Стоматолог аан дойдутааҕы күнэ (сүбэлэр)

09.02.2018
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка үлэлиир стоматология кииннэриттэн биирдэстэринэн элбэх профиллаах, үс килииникэлээх «Адантис» стоматология ситимэ буолар. Манна улахан дьон уонна оҕолор тиистэрин эмтиир: пломбалыыр, протез оҥорор исписэлиистэр үлэлииллэр.»Адантис» —  рентген түһэрэр аныгы радиовизиографтаах, 3 D ортопантомографтаах, аныгы тиэхиньикэнэн толору сэбилэммит техническэй лабораториялаах килииникэ.

edersaas.ru

Бүгүн биһиэхэ «Адантис» стоматология килииникэтин терапевт-пародонтолога Елена Сергеевна Эверстова туһалаах сүбэлэри биэрэр.

Тиис – киһи уоргана

— Тиис курдук биир тутаах уорганы харыстыырга, үйэтин уһатарга эрдэттэн кыһаллыҥ. Биир тиис суох буолла даҕаны, уларыйыылар (деформация) саҕаланаллар. Сыҥаах ыпсара уларыйар, ол кэлин сыҥаах сүһүөҕэр охсуулаах буолуон сөп. Биир да тиис урут тууруллубут буоллаҕына, солбуйар протез оҥорторуллар.

Тиис ыпсыыта нуорматтан хадьайыылаах буоллаҕына, аныгы ньымаларынан (брекет-систиэмэ, уһуллар аппараат) тиис оннун булларыахха, сыҥаах ыпсарын көннөрүөххэ сөп.

Сылга иккитэ тиис бырааһыгар көрдөрүнүҥ. Тиис уонна миилэ ыарыытын эрдэттэн сэрэтиҥ.

Харыстаныы

— Тиис сүрүн ыарыыларыгар кариес уонна миилэ кытарыыта, иһиитэ киирэллэр. Бу ыарыылары бопсорго киһи тус гигиената улахан оруоллаах. Хас биирдии киһи бэйэтин доруобуйатын эрдэттэн көрүнүөхтээх. Аһылык кэнниттэн күҥҥэ иккитэ 2-3 мүнүүтэ устата тииһин суунуохтаах.

Онуоха тиис суунар щетка гигиена сүрүн предметинэн буолар. Хас биирдии киһи тиис суунар щеткатын 3-4 ый буола-буола саҥарда сылдьыахтаах. Щетканы таларга кини быһыытын уонна түүтүн болҕомтоҕо ылыҥ. Ол эбэтэр сууйар-ыраастыыр өттө кээмэйэ икки инники тиис кэтитин саҕа буолуохтаах. Оччоҕо ыраах тиистэргэ кэбэҕэстик тиийэр. Щетканан өрө тутан уонна эргитэ сылдьан хамсаныылары оҥоруллар.

Эбии көмөлөр

— Тиис икки ардын, миилэ иһин эбии предметтэри көмөлөһүннэрэн ыраастаныахха эмиэ сөп.

Холобур, «тиис сабынан» уонна «тиис икки ардыларынааҕы ершиктарынан». Кинилэр миилэни эчэппэккэ эрэ ас тобоҕун ыраастыыллар.

Дьиэҕэ туттуллар ирригатор диэн аппараат тиис икки ардын, коронканы уонна киһи тылын үчүгэйдик ыраастыыр. Тииһи ыраастыыр мас (зубочистка) миилэни олус эчэтэр уонна ас тобоҕун ситэ таһаарбат.

Күн аайы туттарга кариеһы утары анаан оҥоһуллубут кальций уонна фтор састааптаах пааста үчүгэй. Маҥхатар паастаны уһаабыта 2-3 эрэ нэдиэлэ туттар көҥүллэнэр. Састаабыгар суодалаах, онон куруук тутуннахха, тиис эмалыгар дьайар.

Кырачааны хаһыттан үөрэтэбит?

— Оҕо тииһэ таҕыста да, сууйуллуохтаах, ыраастаныллыахтаах. Бастаан тиис суунар паастата суох, тарбахха кэтиллэр силикон щетканан төрөппүттэрэ ыраастыыллар. 1-3 саастаах оҕо фтора суох паастанан, сымнаҕас түүлээх щетканан төрөппүт хонтуруолунан суунарга үөрэниэхтээх. Төрөппүт оҕотугар холобур буолуон наада, ол эбэтэр гигиена хас биирдии төрөппүккэ булгуччулаах үгэс буолуохтаах.

Битэмииннэр эмиэ наадалар

– Сорох киһи айаҕа сыттанарыттан эрэйдэнэр. Онуоха айах сытын тупсарарга сайҕанар убаҕас, эликсир курдук сириэстибэлэр бааллар. Олор састааптарын көрөн, хайдах туһаныллалларын үөрэтэн баран сайҕаныахха сөп. Миилэ иһэрин эмтиир убаҕастар эмтээх оттоох, бактерияны утарсар састааптаах буолаллар. Ол эрээри, ити убаҕастары тииһи эмтэнэр эрэ кэмҥэ туттуохха сөп. Ментоллаах убаҕаһынан күн аайы аһылык кэнниттэн сайҕанар туох да буортута суох.

Ону сэргэ, тииһи бөҕөргөтөргө кальций уонна фтор састааптаах битэмииннэр бааллар. Быраас оҕо сааһын, тииһин туругун, иһэр уустун састаабын учуоттаан аныыр. Ити эбии битэмииннэри кууруһунун иһиллэр. Фтордаах убаҕаһынан эбэтэр гелинэн туһаныллар процедура тииһи бөҕөргөтөр, кариеһы сэрэтэр.

ЫСПЫРААПКА:

Елена ЭВЕРСТОВА

2001 с. Хабаровскай куоракка Уһук Илиҥҥи судаарыстыбаннай медицинскэй университеты бүтэрбитэ.

2006-2008 сс. – Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай медицинскэй университет клиническэй ординатуратыгар үөрэммитэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0