Үстэриттэн сэттэлэригэр диэри оҕолорго көрүллэр төлөбүр уларыйыа дуо?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Бырабыыталыстыбатын тэлэбиисэринэн отчуотун кэмигэр нэһилиэнньэ быһа төлөпүөннээн, долгутар ыйытыыларыгар салайааччылартан быһаччы хоруйу ылар кыахтаах. Бүгүн көрөөччүттэн кыра дохуоттаах дьиэ кэргэҥҥэ көрүллэр төлөбүр туһунан ыйытыы киирдэ.

edersaas.ru  

Быһа сибээс кэмигэр көрөөччү: “Кыра дохуоттаах дьиэ кэргэн үстэриттэн сэттэлэригэр диэри саастаах оҕолоругар көрүллэр төлөбүргэ уларытыылар киириэхтэрэ дуо?”, —диэн ыйытта. Тустаах ыйытыыга СӨ Үлэтин уонна социальнай сайдыытын миниистирэ Елена Волкова: “Чахчы, төлөбүрү көрүү бэрээдэгэр уларыйыы киириэхтээх.  Бастатан туран, төлөбүр кээмэйэ эбиллэр. Күн бүгүн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ көрүллэр. Муус устар 1 күнүн кэнниттэн быраабыла уларыйан, кээмэйэ дьиэ кэргэн үбэ-харчыта төһө тиийбэтиттэн (от глубины нуждаемости) тутулуктаах буолуоҕа. Баҕар, тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50 %, баҕар, 75 %, баҕар, толору 100 % көрүллүөҕэ. Ол эбэтэр, 17 тыһыынча солкуобайга диэри буолуоҕа. Бу суумата дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуктаах.  Иккиһинэн, РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ эбии киритиэрийдэри киллэрэри толкуйдуур. Онон саҥа бэрээдэги кэтэһэбит. Докумуону ыыттылар даҕаны нэһилиэнньэҕэ тиэрдиэхпит, — диэн быһаарда.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0