Үстэриттэн сэттэлэригэр диэри оҕолорго көрүллэр төлөбүр уларыйыа дуо?
СӨ Бырабыыталыстыбатын тэлэбиисэринэн отчуотун кэмигэр нэһилиэнньэ быһа төлөпүөннээн, долгутар ыйытыыларыгар салайааччылартан быһаччы хоруйу ылар кыахтаах. Бүгүн көрөөччүттэн кыра дохуоттаах дьиэ кэргэҥҥэ көрүллэр төлөбүр туһунан ыйытыы киирдэ.
Быһа сибээс кэмигэр көрөөччү: “Кыра дохуоттаах дьиэ кэргэн үстэриттэн сэттэлэригэр диэри саастаах оҕолоругар көрүллэр төлөбүргэ уларытыылар киириэхтэрэ дуо?”, —диэн ыйытта. Тустаах ыйытыыга СӨ Үлэтин уонна социальнай сайдыытын миниистирэ Елена Волкова: “Чахчы, төлөбүрү көрүү бэрээдэгэр уларыйыы киириэхтээх. Бастатан туран, төлөбүр кээмэйэ эбиллэр. Күн бүгүн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ көрүллэр. Муус устар 1 күнүн кэнниттэн быраабыла уларыйан, кээмэйэ дьиэ кэргэн үбэ-харчыта төһө тиийбэтиттэн (от глубины нуждаемости) тутулуктаах буолуоҕа. Баҕар, тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50 %, баҕар, 75 %, баҕар, толору 100 % көрүллүөҕэ. Ол эбэтэр, 17 тыһыынча солкуобайга диэри буолуоҕа. Бу суумата дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуктаах. Иккиһинэн, РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ эбии киритиэрийдэри киллэрэри толкуйдуур. Онон саҥа бэрээдэги кэтэһэбит. Докумуону ыыттылар даҕаны нэһилиэнньэҕэ тиэрдиэхпит, — диэн быһаарда.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru