«Стерх» хампаанньа оннугар — «Югория»

Ааптар: 
16.01.2020
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата уонна «Югория» страховканы оҥорор  бөлөх хампаанньата бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэҥ түһэристилэр. 

edersaas.ru

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов «Стерх» страховкалыыр хампаанньа бөрүкүтэ суох  үлэтин түмүгэр  араас уустук балаһыанньа үөскээбитин бэлиэтээтэ:

Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ хампаанньаны оннунан хаалларар былааннаах этибит. Онно эбии «Югория» хампаанньаны стратегическай партнер быһыытынан үлэҕэ кытыннарарга толкуйдаммыппыт. Ол эрээри ымпыгар-чымпыгар диэри ырытан, анааран көрөн баран, «Стерх» хампаанньа  үлэтин мөкү өрүттэрин кээмэйэ олус улаханын бэлиэтээтибит. Ол курдук, аудитордар сыаналаабыттарынан, «Стерх» хампаанньаны 4 млрд солкуобайтан тахса үбүнэн өйүүр наадата биллиннэ.

Онон бырабыыталыстыба «Стерх» хампаанньа лицензиятын ыҥырарга быһаарбыт. Бу маннык уустук балаһыанньаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ «Югория» хампаанньа өйөбүлгэ кэлбит.

Тэрилтэ өҥөтүнэн страховой дуогабардар, сүрүннээн ОСАГО төлөбүрдэрэ тохтоло суох төлөнө турбуттар.  «Югория» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Охлопков бэлиэтээбитинэн, тэрилтэ Уһук Хотугу сиргэ үлэлииргэ улахан уопуттаах эбит.

Биһиги билигин Ямалга, Мурманскай, Архангельскай уобаластарга, Юграҕа филиаллардаахпыт. Онон үлэ уопутугар олоҕуран, Саха сирин олохтоохторугар страховка бары көрүҥнэригэр хаачыстыбалаах өҥөнү оҥоруохпутун сөп, — диэн санаатын тиэртэ «Югория» хампаанньа салайааччыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыгар бэйэтин офистарын аста уонна страховка полистарын сөптөөх ахсаанынан хааччыйда.  Маны таһынан Саха сиригэр «Югория» АУо эрэгийиэннээҕи дириэксийэни тэрийдэ. «Стерх» хампаанньа үгүс үлэһитэ «Югория» страховкалыыр хампаанньа бөлөҕөр үлэнэн хааччылыннылар. Ол иһигэр оройуоннарга эмиэ. Маны таһынан, Дьокуускайга страховка эйгэтигэр аныгы технологическай бородууктаны толкуйдаан оҥорор IT-киин аһылынна.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0