Степанида Ильинична, үбүлүөйдээх үөрүүлээх күҥҥүнэн!

15.04.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүн Саха сирин уонна Арассыыйа норуодунай артыыската Степанида Ильинична Борисова өрөгөйдөөх үбүлүөйэ. Степанида Борисова кэнники кэмҥэ олоҥхону туруорааччы быһыытынан Арассыыйаҕа киэҥник биллэр.

Кини туруорбут «Удаҕан кыргыттар», «Таптал талыыта» диэн күүстээх эйгэлээх, ураты дьоһуннаах испэктээкиллэрэ дойдубут тыйаатырын эйгэтигэр киэҥник биллибиттэрэ. Бу сарсыарда төлөпүөн нөҥүө Саха тыйаатырын аатыттан эҕэрдэлээн баран, устунан ыйытыыларбар эппиэттииригэр көрдөстүм. Олоҥхо тыйаатырын бастакы артыыскатыттан бастакы ыйытыым, биллэн турар, Олоҥхо тыйаатырын туһунан буолла.

— Олоҥхо тыйаатыра хайдах инникилээх буолуон баҕараҕын?

Бастатан туран, бэйэтэ анал тыйаатырдаах буолуон баҕарабын. Олус интэриэһинэй, талааннаах артыыстардаах, онон кэнэҕэс сайдар кыахтаах тыйаатыр. Билигин Олоҥхо тыйаатырын инникитин туһунан толкуйдуур кэм кэллэ дии саныыбын. Ол аата тыйаатыр бары өттүнэн идэлээх үлэһиттэринэн хааччыллыахтаах. Уот-күөс, тыас-уус режиссердары уонна да атын анал идэлээхтэри иитэн-үөрэттэрэн таһаарыахтаахпыт.

Быйылгы төрөөбүт күнүҥ хаһан даҕаны түбэспэтэх «дьикти кэмҥэ» түбэстэ. Дойду барыта кутталлаах вируһунан сибэстээн,  харантыыҥҥа дьиэҕэ олорор. Бу судургута суох кэм туһунан туох санаалааххын уонна дьоҥҥор-сэргэҕэр тугу этиэҥ этэй?

Буолуохтаах буолар дии саныыбын. Ол аата биһиги маннык кэми ааһыахтаахпыт. Ону бу курдук дьиэбитигэр олорон тулуйдахпытына этэҥҥэ ааһыа. Туох барыта ааһар. Бириэмэни эрэ тулуйуохха наада Арассыыйаҕа бары наукаҕа талааннаах  дьон элбэх. Тугу эмэ толкуйдуохтара диэн санаам бөҕөх. Барыта этэҥҥэ буолуон баҕарабын. Саҥа иммунитет үөскүөн наада. Айылҕабыт  тургутан көрөр быһыылаах. Тохтоон толкуйданар кэммит кэллэ дии саныыбын. Саха сиригэр бөхпүтүн хомуйууга туруннахпытына сатанар. Бу өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улахан боппуруос дии саныыбын. Тыа сиригэр бөххүн ханна да быраҕыаххын билбэккин. Интервьюларбар  төһөлөөхтүк эппитим буолуой. Омук дойдуларыгар сырыттахха, бары дойдуга барытыгар бөхтөрүн наардаан быраҕаллар. Холобур, Японияҕа устудьуоннарга сылдьыбыппыт. Бытыылкаларын, ол бытыылкаларын хаппаҕын тус-туһунан дьааһыктарга быраҕаллар. Уонтан тахса сыллааҕыта англичанин уол кэлэ сылдьыбыта. Айылҕаны, Өлүөнэни көрдөрөөрү Хаҥалас диэки дьон сынньанар сиригэр мырааҥна таһаара сылдьыбыппыт. Онно көрбүппүт — тулабыт барыта бөх эбит.  Ону уолбут тугу да көрбөккө, бөҕү хомуйбутунан барда. Хайдах маннык көрүммэккитий диэн сөҕөр. Толкуйбут өрүү биһиэхэ хойутаан кэлэр, дойдубут киэҥэ бэрт дуу. Эдэр дьон толкуйдуу сатыыллар. Онно харчынан дуу, тугунан дуу көмөлөспүт киһи. Эдэр оҕолор чааһынай тэрилтэ тэринэн саҥа технология көмөтүнэн тугу эмэ саҥаны айдахтарына мин наһаа үөрэбин, инник сайдан иһиэхтэрин, өссө айыахтарын баҕарабын.

— Түгэнинэн туһанан, инники былааныҥ туһунан ыйыттахпына сатанар.

— Олоҥхо тыйаатырыгар бэйэм Саха тыйаатырыгар оонньообут «Кыыс Дэбилийэ» испэктээги туруоруохпун баҕарабын. Арктика култууратын уонна искусстволарын үнүстүтүүтүн устудьуоннарыгар ити испэктээк эмиэ турбута. Онон, үһүс испэктээги туруорабын. Олоҥхо тыйаатыра инникитин бу үс испэктээги сэргэ туруоран көрдөрөр былааннаах этибит. Онон бу хааччах кэм аастаҕына, үлэлээбитинэн барыахтаахпын.

— Степанида Ильинична, бүгүн эйигин төрөөбүт күҥҥүнэн ким аан бастаан эҕэрдэлээтэ?

— Олоҥхом тыйаатырын оҕолоро.

— Өссө төгүл үөрүүлээх үбүлүөйдээх күҥҥүнэн эҕэрдэлиибин! Эппиэттэргэр махтанабын.

Степанида Ильиничнаҕа махталлаах көрөөччүлэрин, саайт, хаһыат ааҕааччыларын, кини талааныгар сүгүрүйээччилэрин аатыттан чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабыт. Инникитин айар талааныҥ аҕыс кырыыта барыта алмаас таастыы Аан дойду үрдүнэн күлүмүрдээтин, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэрэни, сырдыгы, үйэлээҕи бэлэхтээтин!

«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан

Надежда Осипова.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0