Степан Васильевич Васильев – судаарыстыбаннай уонна политическай деятель. П.А.Ойуунускай, М.К.Аммосов, И.Н.Барахов биир санаалаахтара, үөлээннээхтэрэ. Кини 1896 с. ахсынньы 17 күнүгэр Бүлүү уокуругун Марха улууһугар I Бордоҥ нэһилиэгэр Тойон Уйалаах диэн сиргэ күн сирин көрбүтэ. Мэҥэдьэк начаалынай церковной-приходской оскуолатын, Ньурбатааҕы икки кылаастаах училищены, Дьокуускайдааҕы учууталлар семинарияларын үөрэнэн бүтэрбитэ.
Степан Васильевич үрүҥнэри сойуолаһыыга кыттан, сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа кылаатын киллэрсибитэ. Кинини биһиги революционер быһыытынан билэбит. Контрреволюция саҕана Дьокуускайдааҕы түрмэҕэ хаайыллар, онтон 1918 с. Иркутскайга утаарыллар. Онтон кини 1919 с. ахсынньытыгар тахсан баран Иркутскайдааҕы партийнай түмсүү дьаһалынан Прибайкальеҕа Колчак этэрээтин тыылыгар үлэлиир.
Онтон 1920 с. Иркутскайга төннөн кулун тутарга комсомол кэккэтигэр киирэр. Салгыы Дьокуускайга кэлэн комсомол түмсүүтүн тэрийбитинэн барар. Кини 1920-1921 сс. Дьокуускайдааҕы комсомол түмсүүтүн бюротун бэрэссэдээтэлинэн, онтон партия обкомугар пропаганда уонна агитация отделын салайар. 1921-25 сс. Москваҕа Я.М.Свердлов аатынан Коммунистическай университекка үөрэнэр. Үөрэҕин бүтэрээт дойдутугар наркомунан ананан кэлэр.
Эһиилигэр 1926 с. М.К.Аммосов сорудаҕынан Алдаҥҥа көмүс хостооһунугар бэлэмнэнии үлэтин ыыта барар. Ити командировкатыттан кэлээт тута Москваҕа баран, “Якутзолото” трест тэрийиитигэр сүүрэр. 1927 с. Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин э.т. aнанар.
Степан Васильевич ВКП (б) Хонтуруоллуур киин хамыыһыйатын чилиэнэ этэ. Өҥнөөх тааһы уонна көмүһү хостуур, ыраастыыр оробуочайдар сойуустарын Киин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн, РКП (б) КК Партийнай хонтуруолун хамыыһыйатыгар промышленность бөлөҕүн салайааччытынан үлэлээбитэ.
1939 с. Москваҕа массыынаны өрөмүөннүүр собуокка дириэктэринэн үлэлии сырыттаҕына буржуазнай-националистическай түмсүүнү тэрийиигэ балыллан, Япония үспүйүөнүгэр күтүрүллэн хаайыллар. Кини 1943 с. алтынньы 26 күнүгэр Коми АССР Нос Кожвинскай оройуоҥҥа Канин диэн бөһүөлэккэ (билиҥҥинэн Печора куорат) политсыылынайдар лааҕырдарыгар өлбүтэ.
1956 с. дьыалата хат көрүллэн буруйа оруна суоҕунан ааҕыллан, ССРС Верховнай Суутун байыаннай коллегиятын уурааҕынан, атырдьах ыйын 18 күнүгэр үтүө аата төннөрүллүбүтэ.
2016 с. Ньурбаҕа Степан Васильев сылынан биллэриллибитэ. Кини төрөөбүтэ 120 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа тэриллибитэ. Сыл устата Степан Васильевичка аналлаах дьаһаллар буоллулар.