Ахсынньы 21 күнүгэр «Саха сирин киэн туттуута» («Гордость Якутии») бүтүн норуот бириэмийэтин «Быраас» номинациятыгар куоластааһын түмүктэннэ.
edersaas.ru
Кыайыылааҕынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа травматологияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ Степан Тордуин таҕыста.
Санатан эттэххэ, куоластааһын түмүгүнэн биэс киһи финалга тахсыбыта. Ол курдук, Дьокуускай к. 3 №-дээх балыыһатын кылаабынай бырааһын солбуйааччы Людмила Баишеваҕа, Дьокуускай к. клиническэй балыыһатын акушерскай-физиологическай отделениетын сэбиэдиссэйэ Ульяна Новгородоваҕа, Нерюнгри оройуонун Киин балыыһатын эпэрээссийэҕэ блогун сэбиэдиссэйэ Сергей Пешковка, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Киин балыыһатын анестезиолог-реаниматолога Роман Плотниковка уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал медицинскэй көмө киинин травматологияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ Степан Тордуиҥҥа куоластаатылар.
Саха информационнай агентство сайтыгар кандидаттар иһин 55 тыһыынчаттан тахса киһи киирэн, Степан Тордуиҥҥа – 19 318, Роман Плотниковка – 18 091, Людмила Баишеваҕа – 8 166, Ульяна Новгородоваҕа – 7 953, Сергей Пешковка – 3 609 куолас бэрилиннэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru