Мантан салгыы суруналыыс, суруйааччы Надежда Егорова-Намылы «Степан Сивцев-Доллу: «Дьылҕабар махтанабын» суруйуутун ааҕыҥ.
«Мин бэйэм дьылҕабар махтанабын. Уол оҕо буолан, кэргэн ылан, оҕо төрөтөн, үлэни-хамнаһы кыайа тутан, бу орто дойдуга олох олорон кэллим” – диэн РФ кинематографиятын бочуоттаах үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ үтүөлээх артыыһа, искусствоведческай наука кандидата, Арассыыйа Суруналыыстарын, театральнай деятеллэрин, Норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар түмсүүлэрин сойуустарын чилиэнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Доллу нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Степан Сивцев-Доллу кэпсээнин саҕалыыр
Чахчыта да, уларыта тутуу кэмэ кэллэ диэн, ардыгар баары да суох оҥорон, саҥаны киллэрии ухханыгар үгүс дьон олоҕо тосту уларыйбыта, дьылҕата атыннык салаллыбыта. Самаан сайын сатыылаан турар кэмигэр, сарсын 70 сааһын туолар Степан Сивцев-Доллу үгүс кинигэтин, ахтыыларын аахтахха уонна бэйэтин кытары ирэ-хоро кэпсэттэххэ, кини эмиэ “биир күн ат уорҕатыгар, биир күн өрөҕөтүгэр” буолбут кэмнэрэ аҕыйаҕа суох этилэр.
Биирдэ литература кириитигэ Эрчимэн: “Ок-сиэ, алдьархай да төтөлө суох киһигин”, – диэн бэрт дьикти сыанабылы биэрэн турар. Артыыс оонньуохтаах уобараһыгар көстөр дьүһүнүнэн, майгытынан, тутта-хапта сылдьарынан хайа эрэ өртүнэн бэйэтэ эмиэ майгынныахтаах. Саха тыйаатырыгар үлэлии сылдьан, атын үлэҕэ барбытым кэннэ элбэх көрөөччү: “Хаарыан артыыспыт баран хаалбытыҥ”, – диэн күн бүгүҥҥэ диэри этэрин, оруолларбын умнубатын иһин махтана саныыбын.
Цииркэни 4 сыл иһигэр дириэктэр быһыытынан атаҕар туруорбутум, Кытай курдук улуу норуоту кытта Саха сирин сибээстээбитим, саха киинэтин самныбат саргытын салайбытым. Ол сылдьан хайҕаммытым даҕаны, үөҕүллүбүтүм даҕаны. Аттыбарр өйөбүл, тирэх буолар чулуу дьон баар буолан, баччаҕа диэри кэллим дии саныыбын.
– “Сахафильм” олохтоноругар уһун айар суолу ааспыта. Ол курдук, кини сайдыытын устуоруйатыттан кэрчиктээн көрдөххө, төрдө 1920-30-с сыллартан силистэнэр. Ол саҕана саха ырыата, култуурата, саха киһитэ нуучча киинэлэригэр элемент быһыытынан киирбиттэрэ. Онтон 1960-70-с сылларга Николай Сантаев Саха сирин туһунан киинэлэри оҥорбута. Кэлин саха артыыстара нууччалыы тыллаах киинэлэргэ уһуллубуттара. Оттон билигин саха киинэтэ саха норуотугар ускуустуба саҥа көрүҥүн быһыытынан үөскээн эрэр уонна сайдар чинчилээх диир кыахтанныбыт. Өйдүүргүт буолуо, саха киһитин туһунан, кини өйүн-санаатын, омук быһыытынан туспа айылгылааҕын көрдөрөр сахалыы тыллаах-өстөөх Никита Аржаков “Хара мааска” диэн толору метражтаах уус-уран бастакы киинэтин. “Ильмен үрдүнэн туруйалар” диэн киинэ “Сахафильм” биир бастакы улахан үлэтинэн уонна ситиһиитинэн буолар. “Бэйэ дьоно”, “Ол сайын”, “Олоҥхо дойдутун сулустара”, “Аанчык”, “Куоратчыт”, “Снайпер” уо.д.а. киинлэр дьон-сэргэ биһирэбилин ылан, көрөөччүгэ кэтэһиилээх киинэлэргэ кубулуйбуттара. Саха киһитигэр ордук чугас, сахалыы тахсар киинэлэри устубуппутунан киэн туттабын. Оҕолорго анаан, бэйэм идеябынан “Ералаш” курдук “Мэник” диэн кылгас киинэлэр хомуурунньуктарын устубутум.
Киһиэхэ саамай дьоло – дьиэ кэргэнэ. Мин дьолум – дьиэ кэргэним. Олоҕум аргыһа Прасковья Васильевна Сивцева ХИФУ-га үлэлиир, профессор, филология наукатын дуоктара. Өйбүнэн-санаабынан, сүрэхпинэн-быарбынан киһи киһини абааһы көрөрүн өйдөөбөппүн. Бииргэ сылдьан, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһө сырыттахха табыллар, сахалар онто да суох аҕыйахпыт. Наар таҥнары хайыылана сылдьар адьас сыыһа. Оттон дьон киһиэхэ үтүөнү оҥорор, үчүгэйи саныыр буоллахтарына, мин кинилэргэ таҥара кулута да буолартан кыбыстыбаппын.
© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/dollu/
Хаартыска https://culture.ykt.ru/117430