Степан Давыдов: “Хас биирдии киһи хоруупсуйаны түктэри быһыы диэн өйдүөхтээх”

Ааптар: 
12.04.2017
Бөлөххө киир:

Биэс сыллааҕыта СӨ Ил Дарханын иһинэн Хоруупсуйа хабааннаах уонна да атын быраабы кэһиилэри сэрэтэр департамент тэриллибитэ. Онтон икки сылтан бэттэх “управление” диэҥҥэ уларыйбыта. Бу дьыл тохсунньу ыйын 9 күнүттэн управлениены Степан Давыдов салайар. Бүгүҥҥү кэпсэтии – управление үлэтин туһунан.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Ыспыраапка: 

1956 сыл алтынньы 5 күнүгэр Ньурбаҕа төрөөбүт.

1979 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрэн, историк идэтин ылбыт.

1981 сылтан куттал суох буолуутун уорганнарыгар сулууспалаабыт.

2003 сыл ыам ыйыттан — РФ Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын начальнигын солбуйааччыта.

2007-2014 сылларга — РФ Наркотигы эргитиини хонтуруоллуур федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын начальнига.

2014-2016 сылларга — РФ Наркотигы эргитиини хонтуруоллуур федеральнай сулууспатын Камчаткатааҕы управлениетын начальнига.

Астаапкаҕа сылдьар полиция генерал-майора.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа. Үгүс наҕараадалаах. 

— Степан Николаевич, сахалыы судургутук эттэххэ, эн салайар управлениеҥ былаас уорганнарын чиэһинэйэ суох дьонтон “ыраастыыр” уонна оннук дьон былааска өтөн киирбэттэрин сэрэтэр соруктаах. Ону хайдах быһыылаахтык толороҕутуй?

— Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр, дойдуга биир бастакынан, хоруупсуйаны уонна да атын сокуону кэһиилэри сэрэтэр тутулуга суох уорган тэриллэн үлэлиир. Ааспыт сыллар усталарыгар хоруупсуйаны утары дьайыылаах миэрэлэр ылылыннылар, нормативнай-правовой база саҥардылынна.

Билигин хоруупсуйаны сэрэтиигэ механизмнар оҥоһуллан, биир систиэмэлээхтик үлэлии сылдьабыт. Манна үгүс үлэ барда. Анал сокуон, быраап аакталара тахсыбыттарын таһынан, онон дьарыктанар уорган тэрилиннэ. Ону сэргэ, нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр, иитэр үлэни куруутун ыытабыт.

Маны таһынан, бары министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ, олохтоох салайыныы уорганнарыгар хоруупсуйаны уонна да атын сокуону кэһиилэри сэрэтиигэ эппиэттээх үлэһиттэр баар буоллулар. Судаарыстыбаннай гражданскай үлэһит сулууспатынан майгытыгар-сигилитигэр ирдэбиллэри тутуһууга уонна интэриэстэр утарыта турсууларын бэрээдэктээһиҥҥэ хамыыһыйалар үлэлэрэ тэтимирдэ.

  — Чунуобуннньуктар дохуоттарын уонна ороскуоттарын туһунан сибидиэнньэлэрин бэрэбиэркэлээһин үлэтиттэн сырдатыаҥ дуо?

— Бастакынан этиэх кэриҥнээхпин – управление өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын Каадыр бэлиитикэтигэр, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспаҕа департаменын кытта сэргэ, каадыр сулууспатын үлэһиттэригэр семинардары ыытар, лиэксийэлэри тэрийэр. Онно дохуот, ороскуот, баай-мал туһунан сибидиэнньэлэри хайдах толоруллуохтаахтарын быһааран-ырытан биэрэллэр.

Ааспыт сылга итинник ыспыраапканы 197 сулууспалаах үлэһит биэрбититтэн, 162-тэ — салайааччы. Итинтэн 27 киһи төһө кырдьыктаах сибидиэнньэлэри биэрбитин бэрэбиэркэлиир туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыгын дьаһала тахсыбыта.

Ол бэрэбиэркэ түмүгүнэн, икки киһи дьиссипилиинэ эппиэтинэһигэр тардыллыбыта (быыгабар уонна сэмэ). “Салайааччы” категориялаах судаарыстыбаннай гражданскай сулууспалаахтартан биир киһиэхэ дуоһунаһыгар толору сөп түбэспэтин туһунан сэрэтии бэриллибитэ, 6 киһи быыгабар, 4 киһи сэмэ ылбыта.

Маны таһынан, управление судаарыстыбаннай сулууспаҕа үлэлии киириэхтээх 145 киһини бэрэбиэркэлээбититтэн, 31-рэ бэрэбиэркэни ааспатаҕа. Маныаха бэлиэтээн эттэххэ, Ил Дархан көҥүлэ суох биһиги биир да бэрэбиэркэ ыыппаппыт.   

Бу сылга үктэнэн баран, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин хоруупсуйаны утары сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэрэр туһунан сокуон барылыгар илии баттаабыта. Бу сокуон муус устар 3 күнүгэр олоххо киирдэ – туох уларыйыай?

 — Бастатан туран, дохуоттар, ороскуоттар туһунан сибидиэнньэлэри биэрии судургутуйар, чуолкайданар. Иккиһинэн, регионнар баһылыктара муниципальнай сулууспалаахтар дохуоттарын хонтуруоллуур эбээһинэстэнэллэр: бэрэбиэркэ кэмигэр сулууспалаахтар хоруупсуйаны утары сокуон хааччахтарын, бобууларын тутуспат, эбээһинэстэри толорбот буоллахтарына, субъект үрдүкү дуоһунастаах киһитэ, ол эбэтэр, губернатор, оттон биһиэхэ Ил Дархан, сайабылыанньа суруйар. Олохтоох салайыныы уорганыгар биитэр суукка. Бу сулууспалааҕы дуоһунаһыттан ууратар эбэтэр дьиссипилиинэ эппиэтинэһигэр тардар туһунан.

Маны сэргэ, олохтоох дьаһалталар, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара итиэннэ олохтоох салайыныы үлэһиттэрэ уонна дьокутааттар атын дойдулар бааннарыгар счет аһаллара бобуллуохтаах.

 —Өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын киэҥ ыҥырыылаах коллегиятын ааспыт сыллааҕы үлэлэрин ырытыһар мунньахтарыгар иһитиннэрбиттэринэн, хоруупсуйаны утары сокуону кэһии үксэ муниципальнай уонна судаарыстыбаннай сулууспалаахтарга тахсар эбит…

—   Хоруупсуйа ханна баҕарар баар буолуон сөп: судаарыстыбаннай да, муниципальнай да былааска, быраабы араҥаччылыыр уорганнарга даҕаны. Ол эрээри чинчийии көрдөрөрүнэн, муниципальнай таһымҥа манна сыһыаннаах үгүс буруй тахсыбыт. Мин санаабар, ити киин сиртэн ыраахпыт, биһиэхэ тиийиэхтэрэ суоҕа диэн өйдөбүлтэн тахсар. Ол эрээри сокуон барыларыгар биир. Федеральнай миниистир да буоллун, нэһилиэк, улуус баһылыга да буоллун.

Билигин күүстээх үлэ муниципальнай таһымҥа барыан наада. Ырытыы көрдөрбүтүнэн, олохтоох салайыныы уорганнарыгар хоруупсуйаны сэрэтэр үлэ көдьүүһэ намыһах уонна билиҥҥи ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт. 2016 сылга уонна бу сыл бастакы кыбаарталыгар управление 22 муниципальнай тэриллиигэ методическай уонна практическай көмө оҥордо, хоруупсуйаны утары үлэ хайдах ыытылларыгар 7 бэрэбиэркэ ыытта. Быраабы араҥаччылыыр уорганнарга араас дуоһунастаах чунуобунньуктар тустарынан информациялары ыыттыбыт.

Судаарыстыбаннай былаас уорганнарыгар үбү-аһы көдьүүстээхтик туһаныыга, суукка-сокуоҥҥа, былаас уорганнарыгар, судаарыстыбаннай, муниципальнай сакааһы оҥорууга, о.д.а. эйгэлэргэ барыларыгар ыытыллар үлэ дьэҥкэ уонна аһаҕас буолуохтаах.

Нэһилиэнньэ хоруупсуйаны уодьуганныырга быһаччы кыттыһыахтаах. Онуоха управление иитэр, үөрэтэр үлэни эмиэ ыытар, итинник буруйдар тахсыбаттарын туһугар үлэлэһэр. Хас биирдии киһи хоруупсуйаны түктэри быһыы диэн өйдүөхтээх.

—Хоруйдарыҥ иһин махтал, Степан Николаевич.  

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0