Сталин Хара холкуостаахтарыгар махтанан, тэлэгирээмэ ыыппыта
Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Хара нэһилиэгиттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 105 туруу эр киһи барбытыттан 41 уолан кыргыс толоонугар сырдык тыынын толук уурбута. Оттон тыылга хаалбыт кинилэр аҕалара, ийэлэрэ, кэргэттэрэ, оҕолоро, кыргыттара күннээҕи эрэйи-кыһалҕаны аахсыбакка, Кыайыы туһугар харса суох үлэлээбиттэрэ. Ону таһынан сэрии сылларыгар тааҥкалары, сөмөлүөттэри тутууга анаан Оборона фондатыгар үбү хомуйуу хампаанньатыгар Сталин аатынан холкуос дьоно көхтөөхтүк кыттыбыттара.
Василий НИКИФОРОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Саха АССР бырабыыталыстыбата 1942 сыл ахсынньы 16 күнүттэн 1943 сыл тохсунньу 5 күнүгэр диэри ыыппыт бэрэбиэркэтин түмүгүнэн, Мэҥэ Хаҥалас оройуона «Сэбиэскэй Саха сирэ» тааҥка холуоннатын тутууга укпут үбүн кээмэйинэн Саха сиригэр бастаабыта, онно инники кэккэҕэ Хара нэһилиэгэ баара.
Итини сэргэ судаарыстыбаннай сойуомҥа сурутуу саҕаламмыта. Маҥнайгы сойуомҥа Хара нэһилиэгин олохтоохторо биирдии киһиэхэ тиксэринэн, 121-дии солкуобайы суруйтарбыттара. Сталин аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ Г.Н.Григорьев уонна суотчут Г.А.Гаврильев бу дьаһалы бэйэлэринэн көҕүлээбиттэрэ.
Мал-сал лотереятыттан киирбит үп эмиэ Оборона фондатыгар угуллара. Бу хайысхаҕа аҕас-балыстыы холкуостаахтар Мария уонна Анисия Трофимнова Павловалар 50 солкуобайга атыылаһан, холобур буолбуттара. Фроҥҥа харчынан көмөнү таһынан Хара нэһилиэгин хоһуун дьахталлара сэриилэһэ сылдьар буойуттарга сылаас таҥаһы – бэргэһэни, үтүлүгү, кээнчэни тигэн баһыылка ыыталлара.
«Сэбиэскэй полярник» авиаэскадрилья уонна «Сэбиэскэй Саха сирэ» тааҥка холуоннатын 2-с уочаратыгар сурутуу ыытыллыбытыгар Сталин аатынан холкуос чилиэннэрэ тугу даҕаны кэрэйбэккэ кыттыбыттара. Холобур, холкуос бастыҥ үлэһитэ Дария Дмитриева 6 тыһ. солкуобайы биэрбитэ.
Сталин аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ Гавриил Григорьев уонна партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ Василий Егоров 1944 сыл саҥатыгар Үрдүкү кылаабынай командованиеҕа кинилэр «Сэбиэскэй Саха сирэ» тааҥка холуоннатын 2-с уочаратыгар 200 тыһ. солкуобай харчыны хомуйан Госбааҥҥа киллэрбиттэрин иһитиннэрэр итиэннэ тааҥкалары тутууну быһаара охсон, Ленинградтааҕы фроҥҥа «Саха АССР Хара нэһилиэгин Сталин аатынан холкуоһуттан» диэн суруктаах биэрэргэ көрдөһөр ис хоһоонноох тэлэгирээмэ ыыппыттара.
Онно хардаран, ити дьыл кулун тутар 15 күнүгэр Үрдүкү кылаабынай командующай Иосиф Сталин илии баттааһыннаах тэлэгирээмэ тирилээн кэлбитэ: «Передайте колхозникам и колхозницам колхоза имени Сталина, собравшим 200 тыс. рублей на строительство танков, мой братский привет и благодарность Красной Армии. Желание колхозников и колхозниц будет исполнено».
Саха тыатын сирин үлэһит дьоно таҥара курдук саныыр салайааччылара махтанан, эҕэрдэлээн харда сурук ыыппыта өссө үрдүк таһаарыылаах, күүрээннээх үлэҕэ кынаттаабыта саарбаҕа суох. Саһарбыт эргэ хаартыскалар кэпсииллэринэн, сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрэ бу тэлэгирээмэни араамалаан, улуу Сталин мэтириэтин уруһуйдатан, ыйаан туруорбуттар.
Хаартыскаҕа: Сэрии бэтэрээннэрэ Н.Е.Баланов уонна Н.В.Корнилов Сталин тэлэгирээмэтин тутан олороллор.
Василий НИКИФОРОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru