«Стадион тыйаатыра» тэрээһин туһунан төгүрүк остуол тэрилиннэ

Ааптар: 
04.05.2022
Бөлөххө киир:

Муус устар 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэбит үйэлээх үбүлүөйүн бэлиэтии, “Эллэй эһэбит саҕаттан…” диэн ааттаммыт баараҕай далааһыннаах тэрээһин буолан ааспыта.

Тэрээһини “баараҕай” диэн бэлиэтээбитим мээнэ күүркэтии буолбатах, сэһэнин ис хоһооно Эллэй саҕаттан бүгүн күҥҥэ диэри тиһигин быспат сайдыы. Кыттыбыт артыыстарын ахсаана – 1750 араас эйгэҕэ үлэлиир, үөрэнэр култуура үлэһиттэрэ, өтөрүнэн көстүбэтэх оонньууну көрөөччүлэргэ бэлэхтээбиттэрэ. “Өрөгөй” успуорт дыбарыаһыгар бу тэрээһини көрөөрү өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын дэлэгээссийэлэрэ кэлбиттэрэ.

Элбэх күүһү түмэр улахан тэрээһиннэри Саха сиригэр эриэккэһинэн ааттыыр сыыһа буолуо. 90-с сыллартан ыһыахтарга, араас өрөгөйдөөх күннэргэ, успуорт тэрээһиннэригэр култуура үлэһиттэрэ үтүө бэйэлээх көстүүлэри бэлэмнииллэр. Бу үлэ сылтан сыл сайдан иһэр, ис хоһоонноро хатыламматын туһугар, элбэх өй үлэлиир, сатабыл эбиллэр. Бу курдук моһуоннаах тэрээһиннэртэн сорохторо уос номоҕо буоланнар “оннук этэ!” диэн күн бүгүүҥҥэ диэри кэпсэнэллэр, ахтыллаллар. Онон ааспыт нэдиэлэҕэ тэриллибит төгүрүк остуолга СӨ судаарыстыбыннай сүбэһитэ, аатырбыт режиссер Андрей Борисов бу курдук моһуоннаах тэрээһиннэр Саха сиригэр туспа искусство быһыытынан сайдан тахсыбыттарын туһунан бу курдук эттэ:

Саха сиригэр кэнники 20-30 сыл иһигэр тыйаатыр таһыгар, дьон улахан түмсүүтүн иннигэр көрдөрүллэр оонньуулар, туспа жанрга кубулуйдулар. Бэйэм бу жанры “стадион тыйаатыра” диэн ааттыыбын. Маннык тэрээһини араастаан ааттыахха сөп – аралдьытар шоу диэтэххинэ сыыспаккын, кырдьык, элбэх уот-күөс, мааны тыас-уус көмөтүнэн аралдьытар шоу тэриллэр. Патриотическай аахсыйа диэтэххинэ эмиэ сөп – үгүс сыалларыттан биир бастыҥнара ыччакка төрөөбүт дойдуга тапталы угуйуу, устуоруйаны сэһэргээһин, үөрэтии буолар. Уонна биллэн турар, бу тыйаатыр оонньуута – сайдар сэһэннээх, артыыс оонньуулаах искусство көрүҥэ. Ол иһин, элбэх элэмиэни бииргэ түмэр көстүүнү туспа ааттаан – “стадион тыйаатыра” диэн ааттыыбын. Үгүс киһи күүһүн түмпүт үбүлүөйдээх туруоруу кэниттэн, бу көстүү туһунан олук охсон толкуйдуур кэм кэллэ дии саныыбын – хайа диэки бу жанр сайдыахтааҕын туһунан.

Төгүрүк остуол тула култуура үлэһиттэрэ мустан “Эллэй эһэбит саҕаттан…” туруорууну ырыттылар, маннык тэрээһин инники сайдыытын туһунан бэйэлэрин сабаҕаларын үллэһиннилэр. Кэлэн кыттыыны ылбыттар ортолоругар киинэ режиссера Никита Аржаков, “Чолбон” сурунаал эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, тыйаатыр худуоһунньуга Ариан Ермолаев, продюсер Владимир Иванов уо.д.а. сиһилии бэйэлэрин көрүүлэрин үллэһиннилэр. Быһа холбонуу ньыматынан историк Афанасий Николаев, социологическай наука доктора Ульяна Винокурова эмиэ бу ырытыыга бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0