«СССР» бөлөх солиһа Александр Жадан: Өймөкөөн ураты айылҕатын ырыаҕа ыллыахпыт
Бэҕэһээҥҥиттэн байыаннай-патриотическэй ырыалары кыайа тутан ыллыыр «СССР» бөлөх Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр кэлэн, » Янтарь» хампаанньа бөлөҕүн учаастактарыгар бөртөлүөтүнэн көтөн кэнсиэртии сылдьаллар. Дьокуускайтан көтөн кэлээт, Балаҕаннаах учаастагар үлэлии сылдьар көмүс хостооччу оробуочайдарга кэнсиэртээбиттэрэ. Бүгүн Хаҥалас учаастагар сырыттылар. edersaas.ru
Бу бөлөх Саха сиригэр номнуо иккис сырыыта. Соторутааҕыта Кыайыы күнүгэр кэлэн, Уус Ньара бөһүөлэгин олохтоохторугар байыаннай ис хоһоонноох ырыалары үс күн ыллаабыттара. Онно «Бессмертный полк», «Донбасс в огне» ырыалара көрөөччүлэри олус долгуппута. Санатар буоллахха, Донбасска сэрии буола турдаҕына, бу бөлөх үстэ тиийэн, кэнсиэртээбитэ биллэр. Донбасстан сөмүлүөтүнэн төннөн иһэн, «Донбасс в огне» диэн ырыаны бөлөх лиидэрэ Александр Жадан айбыта.
Түгэнинэн туһанан, бөлөх лиидэрэ Александр Жаданныын кэпсэттибит.
— Үтүө күнүнэн, «Донбасс в огне» диэн ырыаны дьон олус сөбүлээтэ, ылынна. Айыллыбыт историятын билиһиннэрэр эрэ.
— 2014 сыллаахха Донбасска үһүстээн кэнсиэртии тиийбиппит. Онно уолаттарга Донбасс туһунан ырыалаах кэлиэм диэбитим. Ити сыл ахсынньыга Донбасстааҕы драмтыйаатырга кэнсиэртиирбитигэр, ити ырыаны аан бастаан толорбуппут. Олус долгутуулаах этэ. Көрөөччүлэр ырыаны истээт, бары туран кэлтэрэ уонна ытаабыттара. Ырыаны сүрэхтэригэр олус чугастык ылыммыттара. Көрдөһөн туран, үстэ ыллаппыттара. Ырыа буулдьатааҕар күүстээҕин онно итэҕэйбиппит. Буулдьа, биллэн турар, киһини тута суох оҥорор эрээри, ырыа үйэлэргэ сүппэт аналлаах, дьону, норуоту сомоҕолуур ураты күүстээх.
Манна, Уус Ньараҕа, Донбасстан элбэх киһи баар эбит. «Янтарь» хампаанньа бөлөҕүн салайааччыта Александр Карась эмиэ ити дойдуттан төрүттээх.
— Бэҕэһээ кэлээт даҕаны учаастактарга кэнсиэртээтигит?
— Оннук. Бэҕэһээ Уус Ньараҕа кэлээт даҕаны, бөртөлүөтүнэн 120 км ыраах Балаҕаннаах учаастагар тиийэн ыллаатыбыт. Бүгүн Хаҥалас учаастагар сырыттыбыт, сарсын, өйүүн эмиэ атын учаастактарга кэнсиэртиэхпит. Бу учаастактарга сахалар, украинецтар, белорусстар, нууччалар бары биир киһи курдук эйэ дэмнээхтик үлэлии сылдьалларын көрөн олус астынным. Норуоттар доҕордоһуулара диэн манна баар. Киэҥ Арассыыйа норуоттар сомоҕолоһууларынан күүстээх. Бары сомоҕолостохпутуна хаһан даҕаны өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа.
— Саха сиригэр иккис сырыыгыт, арааһа, үһүстээн кэлэргит буолуо. Саха сирин туох дии санаатыҥ?
— Киһи кэлэ эрэ туруон баҕарар дойдута. Айылҕата тыйыс эрээри, дьоно-сэргэтэ олус сайаҕастар, ыалдьытымсахтар. Дьокуускай куоракка хонон эрэ ааһабыт, онно көрдөххө, олус үчүгэй куорат. Кэнсиэртиир киһи диэн баҕа санаалаахпын.
Аныгыс альбоммутугар хайаан даҕаны Саха сирин, Өймөкөөн ураты айылҕатын, үлэһит дьонун-сэргэтин туһунан ырыаны айан киллэриэхпит.
Арба, эһиги тылгытын-өскүтүн Интернет көмөтүнэн кыралаан да буоллар үөрэтэ сылдьабын. Түгэнинэн туһанан, Саха сирин ытык — мааны олохтоохторун Арассыыйа күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru