«Өссө өрө баран, сайдан иһиэхпит!»

Бөлөххө киир:

Биллэр ырыаһыт, артыыс, “Лена” киинэ тыйаатырын дириэктэрэ Алексей Егоров-Өркөн билиҥҥи буола турар балаһыанньа туһунан санаатын үллэһиннэ:

Биһиги уолаттарбыт  билигин аан дойду үрдүнэн эйэ туругурарын туһугар, кырдьык туһугар, нацизмы утары охсуһа сылдьаллар. Ол иһигэр, биһиги эйэлээх халлааммыт туһугар. Ону сөпкө өйдүөх тустаахпыт. Кинилэр биһиги өйөбүлбүтүн, туох иһин охсуһалларын билиэхтээхтэр.

Дьэ, култуураҕа, спорка сааҥсыйа биллэрдилэр. Бу маннык хаһан да буолбатаҕа. Голливуд киинэлэрин эмиэ боптулар. Киинэ тыйаатырдарыгар тугу да көрдөрүөхтэрэ суоҕа, сабыллыахтара дии саныыллар. Ол эрээри, атын өрүт эмиэ баар. Ол аата биһиги бэйэбит киинэ оҥорор индустриябытын сайыннарыахпыт. Арассыыйатааҕы уонна өрөспүүбүлүкэбит киинэтин сайыннарыахпыт. Бэттэх кэлиэхпит, сайдан, өрө баран иһиэхпит!

Саамай сүрүнэ, хайдыспакка, ыһыллыбакка, биир ньыгыл норуот буолар, дойдубут сайдарын туһугар түмсүөхтээхпит дии саныыбын.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ykt.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0