Өссө биир сэртипикээти порталга булуохха сөп буолла

Бөлөххө киир:

Мэдиссиинискэй көрдөрүүлэринэн ковиды утары быһыыны ылаллара көҥүллэммэтин бигэргэтэр сэртипикээти билигин «Госуслуга» порталыгар тус кэбиниэккэ киирэн ылыахха сөп буолла.

edersaas.ru

Ол туһунан уураахха РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.
«… Киһи быһыыны ылара көҥүллэммэтин быраастар эрэ быһаараллар. Онтон атын дьон быһыы ылара уонна бэйэ доруобуйатын харыстыыра ордук», -– диэн премьер бэлиэтээн эттэ.
Уураахха этиллэринэн, медотвод биэрбит мэдиссиинискэй тэрилтэлэр ол туһунан сибидиэнньэни доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр биир кэлим судаарыстыбаннай иһитиннэрэр систиэмэҕэ ыыталлар, ол кэнниттэн сибидиэнньэ судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар киирэр.
Тустаах сэртипикээти «COVID-19 быһыы туһунан сибидиэнньэлэр» түһүмэххэ булуохха сөп.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0