Өссө 11 нэһилиэккэ арыгы атыыта бобулунна

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ Ил Түмэн сессиятыгар өрөспүүбүлүкэбит өссө 13 нэһилиэнньэлээх пуунугар арыгы атыытын бобор туһунан сокуон көрүлүннэ.

Арыгы бобуллубут нэһилиэнньэлээх пууннара:

  1. Сатаҕай, Амма улууһа
  2. Чөрүмчэ, Дьааҥы улууһа,
  3.  Хачыкаат, Хаҥалас улууһа,
  4. Булгунньахтаах, Хаҥалас улууһа
  5. Булгунньахтаах Тойон Арыыта, Хаҥалас улууһа,
  6. Быковскай, Булуҥ улууһа,
  7. Үрүҥ Хайа, Анаабыр улуһа
  8. Эдьээн, Уус Маайа улууһа
  9. Табаҕа, Мэҥэ Хаҥалас улууһа
  10. Дойду, Мэҥэ Хаҥалас улууһа
  11.  Кэмпэндээйи, Сунтаар улууһа
  12. Дабаан, Өлүөхүмэ улууһа
  13. Чэрэндэй, Өлүөхүмэ улууһа

Арыгы атыылааһына бобулларын туһунан сокуон таҕыста.

Ил Түмэн ааспыт сырыытааҕы пленарнай мунньаҕар Таатта Булуҥар, Чымнаайытыгар уонна Горнай улууһун Маҕараһыгар арыгы атыытын бобор туһунан сокуону ылыммыттара. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сүүсчэкэ нэһилиэнньэлээх пууҥҥа арыгы атыыта бобулунна.

Санатан эттэххэ, аҕыйах сылтан бэттэх Ил Дархан арыгы атыытыгар хааччахтары киллэриэҕиттэн уонна нэһилиэнньэлээх пууннар Ил Түмэҥҥэ сокуон барылын киллэрэн, бэйэлэригэр арыгы атыытын бобор кыахтаммыттарыттан көччүргээн иһээччи быдан аҕыйаата. Ол оннугар нэһилиэккэ арыгыны уора-көстө атыылыыр “туочукалар” баар буоллулар. Кинилэри уодьуганныырга нэһилиэктэргэ араас ньыманы барытын тутталлар эрээри, сокуонунан ботуччу ыстараап олохтоно илигинэ атыылыы тураллара эрэбил. Ол иһин дьокутааттар билигин федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэриигэ үлэлэһэ сылдьаллар.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0