«Спутник V» омук вакциналарынааҕар ордук күүстээҕэ биллибит

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Спутник V» вакцина Pfizer оҥорор вакцинатын кытта тэҥнээтэххэ, коронавирус “омикрон” штаммыттан харыстыыр кыаҕа икки төгүл ордук буолара көстүбүт. Бу сыыпараны Италияҕа үлэлиир Спалланцани Институтун тэҥнээн көрөр чинчийиитэ көрдөрбүт. Манна майгынныыр түмүктэри Н.Ф. Гамалеи аатынан Институт НИЦЭМ биллэрбит.

«Спутник V» вируһу суох оҥорор антителаларын титрдара “омикрон” штаммҥа туһаайан Pfizer икки быһыытын ылбыт дьон титрын кытта тэҥнээн көрдөххө, 2,1 төгүл үрдүгэ көстүбүт (оттон быһыыны ылыы болдьоҕо үс ый ааспытын кэнниттэн, 2,6 төгүл үрдүк).

Ону таһынан «Спутник V» көбүтэр иммуннай хоруйа олус үрдүк буолара бэлиэтэммит.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0