«Спутник V» баксыына төһө болдьоххо харайылларый?

22.08.2022
Бөлөххө киир:

РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, «Спутник V» баксыына туһаныллар болдьоҕо 6 ыйтан 1 сылга диэри уһатылынна.

edersaas.ru

Маннык быһаарыы баксыына көдьүүһүн кэтээн көрүү түмүктэригэр олоҕурда. Эспэртиисэ баксыынаны харайыы кэмин уһатыы киһи доруобуйатыгар куттала суоҕун көрдөрдө.

Маннык быраактыка аан дойдуга барытыгар даҕаны саҥа быраактыка буолбатах. Холобур, Pfizer бэйэтин баксыыната туһаныллар болдьоҕун өссө 2022 сыл муус устарыгар 9 ыйтан 12 ыйга диэри уһатан биэрбитэ. Онтон  атын оҥорон таһаарааччы Johnson&Johnson  былырыын баксыыналарын болдьоҕун икки төгүл уларыппыта.

FDA (АХШ) киэҥ далааһыннаах чинчийиитигэр  суһал көмөҕө  препараттары  байыаннай усулуобуйаҕа  чинчийбиттэрэ. Ол түмүгэр баксыына туттуллар болдьоҕун ортотунан 66 ыйга диэри уһаппыттара Онтон көннөрү табылыаткалартан парацетамолы икки сылга “олоҕун уһаппыттара”.

Онон, эһиэхэ  баксыына хоруопкатыгар ыйыллыбыт болдьоҕо ааспыт баксыынаны биэрэр буоллахтарына, санааҕытын түһэримэҥ диэн сүбэлииллэр.

Баксыына саҥа болдьоҕун кэскиллээх технологиялары сайыннарыр киин  “Честный знак” сыһыарыытыгар киирэн билиэххэ сөп.

 «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0