Спортивнай хаамыыга бастакы чөмпүйүөннэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар чэпчэки атлетикаҕа Саха сирин кыһыҥҥы чөмпүйэнээтэ “Триумф” Спорка бэлэмнэнии киинигэр уонна “Туймаада” манеһыгар ыытылла турар.

Чөмпүйэнээккэ 22 хамаандаттан икки сүүсчэкэ чэпчэки атлет кыттар. Бастакы күн бырагыраама быһыытынан 60, 400, 1500 м дистанцияларга сүүрүүлэр, үрдүгү ойуу, 3000 м спортивнай хаамыы уонна дьаадыраны быраҕыы көрүҥнэригэр күрэхтэһии буолла.

Чөмпүйэнээти үөрүүлээхтик аһыыга СӨ Спорка миниистирин солбуйааччы Мария Захарова, олимпийскай чөмпүйүөн Мария Пинигина, кылаабынай судьуйа Василий Алексеев, физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Семен Говоров кыттан, спортсменнары эҕэрдэлээтилэр уонна ситиһиилэри баҕардылар.

Дьэ, ол кэнниттэн быһаарыылаах сүүрүүлэр буоллулар. 60 миэтэрэҕэ быһымах сүүрүүгэ финалга эр дьоҥҥо уонна дьахталларга аҕыстыы үрдүк көрдөрүүлээх быһыйдар кытыннылар. Онуоха бастаан дьахталлар сүүрдүлэр. Барыллааһын сүүрүүгэ Анастасия Заварухина 8,28 бириэмэни көрдөрөн, инники тахсыбыта. Ол эрээри, быһаарыылаах сырсыыга ити бириэмэтин сатаан тупсарбакка, Исмира Жабиеваҕа 9 дэһээтэйинэн сабырыйтаран, иккис миэстэлэннэ. Эр дьоҥҥо эмиэ, барыллааһын сүүрүүгэ бастыҥ бириэмэлээх (7,11) Валентин Иванов финалга төһө да ити көрдөрүүтүн хатылаатар, иккис миэстэлэннэ. Оттон кыайыылааҕынан бу дистанцияҕа былырыын рекорд көрдөрбүт Михаил Жарин буолла.

60 миэтэрэҕэ сүүрүү кыайыылааҕа Михаил Жарин:

-Амма Бөтүҥүттэн төрүттээхпин. Чэпчэки атлетиканан алтыс кылаастан дьарыктанабын. Бастакы тренерим – Грациан Неустроев. Куоракка кэлэн физкултуурнай институкка үөрэнэр кэммэр тренер Дмитрий Колесов салалтатынан эрчиллибитим. Билигин баһаарынай чааска үлэлиибин. Дьарыгым туруга быйыл соччото суох диэн билиниэхпин наада. Уопуттаах эрэ буолан кыайдым. Улахан дьарыгым суох, ыалдьыбытым даҕаны мэһэйдээтэ. Былырыын маннык күрэхтэһиигэ рекорд олохтуур кэммэр дьарыгым кырдьык үчүгэй этэ.

Быйылгы сылга сүрүн соругум Манчаары спартакиадатыгар ситиһиилээхтик кыттыы буолар. Итиэннэ үчүгэйдик бэлэмнэнэн баран, ханнык эмэ күрэхтэһиигэ тиийэн маастар нуорматын толорууга үлэлэспит киһи диэн санаалаахпын. 100 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэбин. 300 миэтэрэҕэ Саха сиригэр рекордум билигин да куоһуруллубакка турар. Ону эдэр сүүрүк Михаил Руфов Москваҕа тиийэн күрэхтэһэн хатылаабыта. Былырыын Хабаровскайга 60 миэтэрэҕэ сүүрэн маастар нуорматын 7 суотайынан толорбокко хаалбытым. Ол санаатахха кыра курдук гынан баран, спринт сүүрүүтүгэр улахан үлэлээх дьыала.

Атын да дистанцияларга хатыһыылаах сүүрүүлэр буоллулар. Чөмпүйэнээт биир уратытынан, аан бастаан спортивнай хаамыы көрүҥэ киллэриллэн, бастакы кыайыылаахтар ааттара билиннэ. Манна сүрүннээн эдэр спортсменнар, устудьуоннар кытыннылар. Исписэлиистэр сыаналаабыттарынан, кинилэр спортивнай хаамыы техникатын балачча баһылаан эрэллэрэ көһүннэ. Ким билиэй, баҕар спорт бу көрүҥэ сахалар курдук уһунньут, тулуурдаах дьоҥҥо кэскиллээх, ситиһиилээх буолуон сөп. Саха сирин спортивнай хаамыыга бастакы чөмпүйүөннэринэн Геннадий Степанов уонна Мария Попова буолан, күрэхтэһии комментатора, биллиилээх суруналыыс Иннокентий Птицын эппитинии, Саха сирин спорка историятыгар киирдилэр.

Чөмпүйэнээт кылаабынай судьуйата Василий Романович Алексеев:

-Спортсменнар көрдөрүүлэрин үчүгэй диэххэ сөп. Сүүрүү түмүгүн таһаарыыга электроннай аппараты туһанан, туох да мөккүөр суох. Быйылгы чөмпүйэнээппит уратытынан спортивнай хаамыы көрүҥүн киллэрэн биэрдибит. Россия спортивнай хаамыыга чөмпүйэнээтин боруонса призера, спорт маастара Сергей Степанов кэлэн тренеринэн үлэлии сылдьар. Кини салалтатынан эрчиллэр Геннадий Степанов бүгүн кыайыы үөрүүтүн биллэ. Көрдөрүүтүн үчүгэйинэн сыаналыахха сөп, бастакы разряд нуорматыгар эппиэттэһэр. Бу көрүҥү Аммаҕа ыытыллыахтаах спортивнай оонньуу бырагырааматыгар киллэрэргэ кэпсэтии бара турар. Күрэхтэһиибит аҕыйах хонугунан ыытыллаары турар Уһук Илин федеральнай уокуругун чөмпүйнээтигэр өрөспүүбүлүкэ хамаандатын сүүмэрдиир сыаллаах. Итиэннэ эмиэ чугастааҕы кэмҥэ чэпчэки атлеттарбыт Россиятааҕы күрэхтэһиилэргэ кыттыахтара.

Дьокуускай, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы хамаандалара үчүгэйдик бэлэмнэммиттэрэ харахха тута быраҕыллар. Кыайыылаахтары мэтээлинэн, грамотанан наҕараадалыыбыт. Итиэннэ икки күн түмүгүнэн аҕыс бастыҥ спортсмены талан, анал сертификат туттарыахпыт.

Чөмпүйэнээт бастакы күнүн

түмүгэ:

60 м 1. Исмира Шабиева (Дьокуускай) – 8.30, 2. Анастасия Заварухина (Дьокуускай) – 8.39, 3. Валентина Иванова (Үөһээ Бүлүү) – 8.42.

60 м 1. Михаил Жарин (Амма) – 7.08, 2. Валентин Иванов (Ленскэй) – 7.11, 3. Николай Руфов (Мэҥэ Хаҥалас) – 7.23.

400 м 1. Аина Степанова (Сунтаар) – 1.02,51, 2. Пелагея Григорьева (Үөһээ Бүлүү) — 1.03, 22, 3. Ольга Курчатова (ХИФУ) – 1.03,38.

400 м 1. Михаил Руфов (ХИФУ) – 51.10, 2. Михаил Канаев (ХИФУ) – 53.21, 3. Василий Филиппов (Чурапчытааҕы институт) – 53.31.

1500 м 1. Ирина Осипова (Мэҥэ Хаҥалас) – 4.49,61, 2. Ирина Белик (ХИФУ) – 4.50,81, 3. Марианна Макарова (Чурапчы) – 5.03,81.

1500 м 1. Егор Быганов (Чурапчы) – 4.08,26, 2. Степан Степанов (Чурапчы) – 4.08,75, 3. Филипп Собакин (ХИФУ) – 4.09,45.

Ырааҕы ыстаныы: 1. Ольга Трофимова (Дьокуускай) – 5.18, 2. Юлия Кобякова (ХИФУ) – 4.80, 3. Елизавета Агафонова (Дьокуускай) – 4.73.

Ырааҕы ыстаныы: 1. Петр Филиппов (Мэҥэ Хаҥалас) – 6.72, 2. Кай Адамов (ХИФУ) – 6.59, 3. Ньургун Лавров (Чурапчы) – 6.58.

Үрдүкү ойуу: 1. Елизавета Агафонова (Дьокуускай) – 145 см, 2. Дарья Добрынина (Дьокуускай) – 140 см.

Үрдүкү ойуу: 1. Александр Нечаев (Дьокуускай) – 180 см, 2. Дмитрий Варфаломеев (Кэбээйи) — 170 см, 3. Алексей Устинов (Кэбээйи) – 170 см.

Спортивнай хаамыы: 1. Мария Попова (ХИФУ) – 15.38,80, 2. Анастасия Шепелева (ХИФУ) – 18.06,91, 3. Тина Черноградская (ХИФУ) – 19.20,77.

Спортивнай хаамыы: 1. Геннадий Степанов (ХИФУ) – 13.44,05, 2. Уйусхан Егоров (Дьокуускай) – 14.54,27, 3. Афанасий Софронов (ХИФУ) – 15.22,66.

Дьаадыраны быраҕыы: 1. Диана Адасько (Дьокуускай) – 11.29 см, 2. Дария Добрынина (Дьокуускай) – 8.06 см, 3. Елизавета Агафонова (Дьокуускай) – 7.52 см.

Дьаадыраны быраҕыы: 1. Роман Шмойлов (ХИФУ) – 14.17 см, 2. Александр Нечаев (Дьокуускай) – 12.13 см, 3. Иван Иванов (ХИФУ) – 10.05 см.

Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ”, http//edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0