Спиридон Борбуев: “Оҕо ис кыаҕын арыйыахтаахпыт”

Ааптар: 
06.11.2019
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһа үөрэх эйгэтигэр тугунан киэн туттарый? Хайдах гынан үөрэх хаачыстыбатынан 15 бастыҥ эрэгийиэн кэккэтигэр киирэбит? Учуутал аатын-суолун хайдах үрдэтэбит? Ити ыйытыыларга бүгүҥҥү ыалдьыппыт, Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Спиридон Борбуев хоруйдуур.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 

«Титаник» уонна «синдбад» дьылҕабар оруоллара

— Спиридон Олегович, хаһан эрэ бэйэҥ оҕо буола сырыттаҕыҥ. Оскуолаҕа хайдах үөрэммиккиний?

— Быраас буолар ыра санаалааҕым. Ол иһин химия, биология биридимиэттэригэр бэлэмнэммитим. Почтанан араас кинигэни, сурунаалы сакаастаан, сурутан ааҕарым. Учуутал буолуом диэн түүлбэр да суоҕа. Быраас буолуом дии саныырым. Онтон эмискэ баҕайы саас санаам уларыйан, тута Бүлүү педагогическай училищетыгар киирбитим. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар улаханнык кэлэҕэйдиир этим. Биир үксүн ол да иһин, киэҥ сиргэ бардахпына самнан хаалыам диэн, училищеҕа киирэргэ санаммытым.

Тыллары кыайан саҥарбакка эрэй бөҕөнү көрөөччүбүн. Дуоска иннигэр саҥам букатын тахсыбат этэ, эгэ, дьон иннигэр саҥарыам дуо. Дэлэҕэ, ”Титаник” киинэ муода эрдэҕинэ ыалтан уларса баран иһэн суол устун “т-т-т-титаник” диэн эрчиллиэм дуо. Этиим иннигэр хайаан даҕаны ”көрүүй, ити”, “били” эҥин диэн сыыс тыллары куоһур оҥосторум, көмүскэл гына илдьэ сылдьарым. Бүтэһигэр ол да тиийэн тылбын сатаан саҥарыа суохпун диэн тэлгэһэлэрин ааныттан төннөөһүннээх буоларым. Ол курдук, дьонум хас сорудаҕын толорбокко, кыһалҕабын быһаарсыбакка, төннүбүтүм буолуой. Ыалбар төхтүрүйэн тиийэн саҥаран иһэн эмиэ “т-т-т, көрүүй, ити буоллаҕына”, онтон “ити т-т-т” чэ кэбис диэн, бүтэһигэр илиибинэн устан иһэр борохуоту көрдөрбүппэр ыалым, хата, өйдөөтүлэр уонна кассеталарын уларыстылар.

Оҕо сылдьан биир кугас “Синдбад” диэн боруода ыттаммытым. Куруук бииргэ сылдьабыт, күн аайы оскуола кэнниттэн ынах уулатабыт, ыппын көлүйэн эбиэт кэмигэр өрүстэн уу баһан сосуһабын.

Учууталым биирдэ, мин кэлэҕэйбиттэн, симикпиттэн иҥнибэккэ, ыт тиэмэтигэр кэмпириэнсийэҕэ кыттаҕын диэн ууга-уокка түһэрдэ. Тохсус кылааска үөрэнэрим. Эҥин араастаан бары аккаастанан көрдүм, дьиэбэр кэлэн дьоммун кытта кэпсэтэн, түмүгэр иннибин ыллылар. Соҕотох да киһини кытта наадабын быһаарсыбат киһи хайдах дьон иннигэр тахсыахпыный? Эбиитин 5 кылааска диэри эбээлээх, эһээҕэ уу-чуумпуга иитиллибитим. Эбээм истибэт да, саҥарбат даҕаны этэ, онон илиинэн эрэ кэпсэтэрбит. Дьэ маннык, бүтэй, дьон саҥатыттан куттанар киһи киэҥ эйгэҕэ научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр көмөлөрүнэн тахсан бардым. Аан бастаан учууталым бэйэтин иннигэр “ытыҥ туһунан кэпсээ” диэтэ. Сөбүлүүр тиэмэм буолан, саҥам ис-испиттэн тахса турда. Онтон ыт көрүҥүн, өҥүн кэпсээ диэн сорудах биэрдэ. Кэлэр сырыыга үһүөлэстилэр – учууталым, ыкса ыалбыт Анна Ефимовна Назарова, сөбүлүүр химиям уруогун учуутала Татьяна Лукинична Васильева. Элбэхтик алтыһар буолан кинилэртэн толлубаппын, онон эмиэ кыбыстыбатым. Ол курдук, сыыйа истээччи ахсаанын элбэтэн испитэ. Ол саҕана “полароид” тута таһаарар фотоаппараат баара, дэриэбинэ ытын барытын сырса сылдьан хаартыскаҕа түһэрбитим. Булчут ыттаах ыалга тиийэн сорудахпынан интервью ыларым. “Титаник” сыл аайы кэллэҕинэ да үөрэ-көтө уларсыам этэ диэн эрэх-турах санаа киирбитэ. Түмүгэр улуус, өрөспүүбүлүкэ араас научнай-практическай кэмпириэнсийэлэрин кыайыылааҕа буолбутум. Эбиитин Домна Алексеева оскуола иһинээҕи тэрээһиннэри ыыттарара. Толлубакка төһө баҕарар киэҥ эйгэҕэ тахсар буолбутум.

Онон Хором бары учууталларыгар уонна миигин өрө таһаарбыт Евдокия Николаевна Бабарановаҕа махталым улахан. Кини кыһаллыбатаҕа буоллар, бука, иистэнньэҥ эбээбин, тарбахха баттанар этэрбэс улларааччы эһээм суолларын батыам этэ. Билигин регламеҥҥа баппат, саҥаран баран төннөөр диэбит киһилэрэбин.

Үөрэх тэрилтэлэрин бэрээдэктээһин

— Үөһээ Бүлүү улууһугар төһө элбэх үөрэх тэрилтэтэ баарый? “Оптимизация” боппуруоһа эһигини хаарыйбата дуо?

— Күн бүгүн 56 үөрэх тэрилтэтигэр 963 педагог үлэлиир. Маҥнай 9 кылаастаах Балаҕаннаах, Быракаан оскуолалара алын кылаастаах оскуолаҕа кубулуйаллар, онтон Хомустаах чугастааҕы оскуолаҕа сыстан, салаа (филиал) быһыытынан үлэлиэҕэ диэн этиллибитэ. Ол эрээри, улуус дьаһалтата, үөрэх управлениета СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта үлэлээһинин түмүгэр, оскуолалар оннунан хааллылар.

Соторутааҕыта Иркутскайга “Байкаллааҕы үөрэх салонугар” баран кэллим. Онно тустаах кыһалҕа сытыытык турар. Дэриэбинэлэргэ оскуолалар сабыллан, оҕолору оптуобуһунан таһан үөрэтэллэр. Ити, бастатан туран, оҕо ахсаана аҕыйаабытыттан, иккиһинэн, үөрэх хаачыстыбата мөлтөөбүтүттэн тутулуктаах. Кинилэргэ тэҥнээтэххэ, биһиги эрэгийиэммит ити чааһыгар үчүгэйдик олорор эбит.

Учуутал тиийбэт

— Үөһээ Бүлүүгэ учуутал хамнаһа төһөнүй?

— Холобур, Үөһээ Бүлүүгэ, улуус киинин хабан туран, учуутал орто хамнаһа 57 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Улуус кииниттэн тэйиччи сытар кытыы нэһилиэктэргэ омук тыла, физика, география учууталларын хамнаһа МРОТ-ка тэҥнэһэр. Онтон-мантан эбии чаас көрдөөн, аттаран таһааран, 27 тыһыынча солкуобайы эрэ биэрэр кыахтаахпыт. Дьиҥнээх чааһынан ылан көрдөххө, уонтан тахса эрэ тыһыынча буолар. Кыра хамнаска эдэр исписэлиистэр кэлбэттэр. Учуутал тиийбэт, ол иһин үөрэх хаачыстыбата мөлтөх.

Билигин үгүс оскуолаларга физика учууталынан норуот учуутала М.А.Алексеевы кытта үлэлээбит сэттэ уонча саастаах дьон үлэлииллэр. Тус бэйэм санаабар, нууччалыы эттэххэ, хаачыстыбаҕа “прогноһу” тиэхиньиичэскэй хайысхалар оҥороллор.

— Оччотугар, билигин Үөһээ Бүлүү улууһугар төһө элбэх учуутал тиийбэтий?

— Күн бүгүн 14 учуутал тиийбэтин, ис баар кыаҕынан хааччыйан олоробут. Үксүн биология, физика, химия, математика, нуучча, омук тылын учууталлара тиийбэттэр. Ол иһин балаһыанньаттан тахсаары, араас суоллары тобуларга күһэллэллэр. Алын сүһүөх эрэ буолбут оскуола оҕолоро бэһис кылаас кэнниттэн интэринээккэ олорон үөрэниэхтэрин сөп диэн салалта этэр. Иккиһинэн, каадыр боппуруоһа быһаарыллан хаалар. Атын өттүттэн көрдөххө, тыа сиригэр оҕо быраабын күөмчүлүүбүт.

— Тоҕо? Хайдах?

— Тоҕо диэтэххэ, Төрүт сокуонунан (Конституция) уопсай үөрэҕи толору хааччыйбаппыт. Оҕону ааҕарга, суоттуурга эрэ үөрэтэбит. Физиканы сүгүн үөрэппэт, омук тылын сүгүн үөрэппэт. Тус бэйэм, “куһаҕан быраас” оруолун толоро­бут дии сананабын. Дьылҕатын оскуола сылларыгар сарбыйан кэбиһэбит. Баҕар, биллибэтинэн-көстүбэтинэн улахан кэскиллээх оҕо сылдьара буолуо. Оҕо үүнэригэр-сайдарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийбэппититтэн, бэйэбин буруйдаах курдук сананабын. Бастатан туран, оҕо ис кыаҕын көрөн, арыйан таһаарыы – сүрүн үлэм.

Бырабыыталыстыба ол иһин оҕолору кыһалҕаттан улахан, каадырынан толору хааччыллыбыт оскуолаҕа көһөртөөн үөрэтэн сайыннарар санаалаах.

Улуус киэн туттуута

— Үөһээ Бүлүү үөрэх эйгэтигэр тугунан киэн туттарый?

— Бастатан туран, учууталларбытынан. Сахалартан ССРС бастакы норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев, СӨ бастакы норуодунай учуутала Василий Софронович Долгунов Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхтэр. Ол эбэтэр, биһиги мэтэдиичэскэй сулууспабыт күүстээх диэхпитин сөп.

4-с нүөмэрдээх оскуола дириэктэрэ Юрий Васильевич Кынатовтыын учуутал идэтин таһымын үрдэтиигэ күүскэ үлэлиибит. Дьокуускайга баар Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх учууталлары ыҥыран босхо уруоктары, куурустары ыыттарабыт.

“Уолу, кыыһы тус-туспа үөрэтии”

— Арба, гендернэй үөрэхтээһин баар диэн истибитим.

— Улуус киинин уонна Нам, Хоро, Дүллүкү оскуолаларыгар уолаттары, кыргыттары алын кылаастан саҕалаан тус-туспа кылаастарга үөрэтэбит. Тоҕо? Хоруйа судургу — кыыс уоллааҕар сытыы, эрдэ сайдар. Учуутал ыйыттаҕына, уол хаһан толкуйдуор диэри, кыргыттар илиилэрин уунан, уолаттары быһа түһэн хоруйдуу охсоллор. Биир оскуолаҕа үөрэнэллэр эрээри, “А” кылааска уолаттар, “Б” кылааска – кыргыттар. Гендернэй үөрэхтээһин биһиги улууспутугар 2008 сылтан киирбитэ. Бу кэрчик кэми ылан көрөр эбит буоллахпытына, уолаттар үөрэхтэрин хаачыстыбата үрдээтэ, доҕордоһуу, бэрээдэк өттүгэр тупсуу көстөр. Оттон кыргыттары иитии өттүн ылан көрдөххө, кыргыттар, уолаттар баар буоллахтарына, бэйэлэрин көрүнэр эбиттэр. Ол иһин быйылгы үөрэх дьылыттан кэккэ биридимиэттэргэ кыттыһан үөрэниини киллэрдибит. Аны 10-11 кылаастарга уол, кыыс бары бииргэ үөрэнэллэр. Тоҕо диэтэххэ, улахан олоххо үктэнэллэригэр “мин одноклассницам”, “мин однокласснигым” диэн өйдөбүл баар буолуохтаах. Олох үөрүүлээх да, хомолтолоох даҕаны түгэннэригэр син биир кыыс аймах түмэр.

Сынньалаҥ оскуолата уонна форум

— Өссө тугунан киэн туттаҕыт?

— Өссө биир сонун сүүрээнинэн, үһүс сылын сынньалаҥ кэминээҕи (каникул) оскуоланы тэрийэбит. Ол курдук, улуус бары 9-с уонна 11-с кылаастарын 580-ча оҕотун икки интэринээттээх оскуолаҕа түмэн, эксээмэннэргэ бэлэмниибит. Кэтэх сорукпут диэн, бу оҕолор кэлин оскуоланы бүтэрдэхтэринэ, бэйэ-бэйэлэрин билсэн, “биһиги үөһээ бүлүүлэрбит” диэн түмсэр кыахтарын тэрийии. Икки сыл субуруччу күһүнүн, сааһын тэрийдибит. Оҕолор күн бастакы аҥаарыгар үөрэнэллэр, эбиэт кэнниттэн эбии дьарыктарынан хааччыйабыт.

Былырыыҥҥыттан Баһылык олимпиадатын тэрийэн эрэбит. Сүрүн бирииһэ – “Золотое кольцо России” маршрутунан сылдьан сынньаныы. Уратыта диэн, оҕону бары өттүнэн сайыннарар инниттэн хас даҕаны көрүҥҥэ (математика, химия, география, история, робототехника, спорт) күрэхтэһэллэр.

Итини таһынан, быйыл Ил Түмэн дьокутаата Феодосия Васильевна Габышева көҕүлээһининэн, Бүлүү бөлөх улуустарын үөрэхтэрин форумун тэрийдибит. Ил Дархан Айсен Николаев кытынна. Москваттан тиийэ лектордар кэллилэр.

“Лүүстүрэтэ кытта оннунан хаалбыт лааҕыр”

— Бэркэ толкуйдаабыккыт эбит. Өссө туох сонун хайысхалардааххытый?

— Сэбиэскэй кэм саҕана араас лааҕырдар бааллара. Олор базалара күн бүгүн иччитэхсийэн тураллар. Биһиги Далыр нэһилиэгэр баар “Трудовой-81” үлэ лааҕырын чөлүгэр түһэрдибит. Дьиэлэрин туруктара үчүгэй эрээри, эргэлэр этэ. Далыр олохтоохторугар куруук махтанабын, атын лааҕырдары “ыһыллыы” кэмигэр ким эрэ гараас, дьиэ туттаары көтүрэн илдьэ барбыт эбит буоллаҕына, бу лааҕыры олохтоохтор оннунан тутан хаалбыттар. Бэл диэтэр, лүүстүрэлэрэ, розеткалара даҕаны уһуллубатахтар. Хайдах тахсан барбыттарай да, оннук туран хаалбыт. Аттыгар биэс-алта ыаллаах учаастак баар. Отучча сылы быһа ыты-куһу киллэрбэккэ, кинилэр көрөн-истэн кэлбиттэр. Лааҕыры чөлүгэр түһэрэн, бассейннаах, итии-тымныы уулаах, улахан остолобуойдаах, конвекторынан ититиилээх, сабыс-саҥа миэбэллээх аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир лааҕырга кубулуттубут. Быйылгыттан үлэлэттибит. Итиэннэ балаҕан ыйыгар Учуутал күнүн көрсө, урукку сылларга үөрэх систиэмэтигэр үлэлээбит алта уонча бэтэрээни мустубут. Куораттан, Ньурбаттан, Бүлүүттэн тиийэ кэллилэр. Сүүрбэччэлии сыл көрсүбэтэх дьон көрсөн үөрүү-көтүү да баара, харах уулаах ахтыһыы да иилии кууспута. Кэрэхсэбиллээҕэ баар – араас сылларга улуустааҕы үөрэх управлениетын салайбыт начаалынньыктар бары кэриэтэ тиийбиттэрэ. Аны учууталлары эрэ буолбакка, тиэхиньиичэскэй үлэһиттэри, асчыттары бука барыларын ыҥыртаабыппыт.

Биир кэлим эксээмэн

— Спиридон Олегович, биир кэлим эксээмэҥҥэ сыһыаныҥ хайдаҕый?

— Биир кэлим эксээмэни олох утарбаппын. Тоҕо диэтэххэ, киин куораттарга киирэр оҕо ахсаана үксээтэ. Биһиги саҕана төһө даҕаны биир кэлим эксээмэни туттардарбыт, киин куораттар үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар кыахтаах эрэ ыал оҕото, эрдэттэн бэлэмнэнэн, миэстэтигэр тиийэн туттарсаллара. Билигин оҕо докумуонун ыытан баран, үөрэххэ киирдэҕинэ биирдэ тиийэр. Ити өттүгэр үчүгэй.

Үлэбинэн элбэхтик командировкаларга сылдьабын. Кавказ омуктара үрдүк баалга туттараллар дииллэр. Оннук буолбатах. Биһиэхэ 9-с кылаас кэнниттэн 10-11-с кылааска үөрэнэ хаалар оҕо ахсаана 70 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. Ол эбэтэр, холобур, 9-с кылааһы 20 оҕо бүтэрдэҕинэ 15 оҕото хаалар, 5 оҕо орто үөрэххэ туттарсар. Оттон Кавказ эрэгийиэннэригэр иһэ үллүбүтэ 10 % эрэ оҕо хаалар. Үгүстэрэ туйгун үөрэнээччилэр. Бу хаалбыт оҕолор эксээмэннэрин 100 бырыһыан хаачыстыбаҕа туттараллар. Биһиэхэ даҕаны 5-10 бырыһыан оҕо хаалара буоллар, Кавзказ омуктарыттан итэҕэһэ суох туттарыа этибит.

Сытыы боппуруостар

— Саха сиригэр үөрэх эйгэтигэр туох кыһалҕалар бааллар дии саныыгын?

— Бастатан туран, учууталлар тиийбэттэр. Эһиилгиттэн “Земскэй учуутал” бырагыраама киирээри турар. Учууталларынан дьэ толору хааччыллар инибит диэн эрэнэбит.

Иккиһинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыларыгар биир (единэй) учуобунньуктар бааллара буоллар. Оҕо атын оскуолаҕа көһөр түгэнигэр, уустугу көрсүбэтин курдук. Биир оскуолаҕа учуутал остуолугар букатын түөрт учуобунньук сытарын көрбүттээхпин. Мин санаабар, учуобунньугу арыйыытыгар даҕаны бириэмэтэ барара буолуо.

Үсүһүнэн, учуутал идэтин таһымын үрдэтиигэ болҕомто ууруллара буоллар. Маныаха биһиги улуус биир сонун сүүрээнинэн –  учууталлары биллэр-көстөр сирдэринэн идэлэрин таһымнарын үрдэтиигэ ыыталыыбыт. Холобура, нуучча тылын учуутала Пушкин, Лермонтов сылдьыбыт миэстэлэрин көрбөккө эрэ хайдах нуучча литэрэтиирэтин үөрэтиэҕэй? “У лукоморья дуб зеленый” дииригэр бэйэтэ илэ хараҕынан дуб маһы көрбүт буолуохтаах. Айанын улуус уйунар, түһэр, аһыыр сирдэрин бэйэлэрэ хааччыналлар. Ити курдук, уопут иҥэринэр сыаллаах физкультура учууталлара Казань куоракка футбол чөмпүйэнээтигэр, саха тылын учууталлара икки судаарыстыбаннай тыллаах Татарстааҥҥа баран кэлбиттэрэ. Салгыы омук тылын, биология, устуоруйа учууталларын ыытыахпын баҕарабын. Учуутал сайыҥҥы сынньалаҥар да сырыттар, өрүү матырыйаал хомуйсар. Кини хонтуора үлэһитэ буолбатах. Сарсыҥҥы уруогун, дакылаатын толкуйдаан, түүнүн утуйумуон даҕаны сөп.

Үөрэх хаачыстыбата туохтан тутулуктааҕый?

— Кэлин үөрэх хаачыстыбатыгар улахан болҕомто ууруллан эрэр. Дьэ, хайдах гынан хаачыстыбаны үрдэтиэххэ сөбүй?

— Олус уустук ыйытыыны биэрдиҥ. Үөрэх хаачыстыбата аҥаардас биир кэлим эксээмэнинэн быһаарыллыбат. Үс араас көрүҥнээх норуоттар икки ардыларынааҕы ыстандаарт баар. Биэс сыл иһигэр Саха сирэ 15 бастыҥ эрэгийиэн кэккэтигэр киириэхтээхпит. Уустук сорук. Тус бэйэм көрүүбэр, бастатан туран, ахсаана биллибэт тэрээһиннэри аҕыйатыахпытын наада. Иккиһинэн, үөрэттэхпитинэ, соһон таһаардахпытына эрэ 15 ахсааныгар киириэхпитин сөп. Сүрүн билиини, базаны алын кылаас учууталлара иҥэрэллэр. Бириэмэтэ ыгыма бэрт. 10 сыл эбитэ буоллар, өссө син этэ. Ол иһин, интэринээттээх, күүстээх учууталлардаах улахан оскуолаларга илдьэн үөрэтэргэ туруулаһаллар.

Бэйэбит холобурбутуттан үллэһиннэххэ, Туобуйа, Сургуулук, Маҥаас курдук ыраах сытар оскуолаларга биирдиилээн биридимиэттэргэ дистанционнай үөрэхтээһини киллэрэр былааннаахпыт.

Төһө кыалларынан эр дьон учууталлар элбииллэрэ ордук этэ. М.Т.Егоров аатынан 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа медицинскэй кылааһы астыбыт. Ол курдук, инникитин уолаттар педагогическай кылаастарын аһар туһунан толкуйдуубут.

Учуутал аатын-суолун үрдэтии

— Учуутал аатын-суолун хайдах гынан үрдэтиэххэ сөбүй?

— Бастатан туран, учууталтан бэйэтиттэн, тутта-хапта сылдьарыттан, дьону кытта сыһыаныттан, таҥаһыттан-сабыттан кытта тутулуктаах. Оскуолаларга сэрэтиитэ суох тиийэрбин сөбүлүүбүн. Эрдэттэн сэрэттэххэ, алаадьылаах эҥин көрсөллөрүн биһирээбэппин. Оннооҕор суоппарбар эппэппин. Массыынаҕа олорон, сибээс хаппат сиригэр тиийэн эрэ баран ханна баран иһэрбитин этэбин. Онно тиийэн көрдөхпүнэ, сорох дьахтар учууталлар оскуолаҕа бүрүүкэлээх сылдьар буолаллар.

Иккиһинэн, учуутал билиитин таһымыттан тутулуктаах. Оҕо иннигэр учуутал ханнык баҕарар ыйытыыга хоруйдуур, киэҥ билиилээх киһи буолуохтаах. Ол иһин ханнык даҕаны түгэҥҥэ “билбэппин” диэн тылы туттуо, холобур, математика учуутала бэйэтин биридимиэтинэн эрэ муҥурданыа суохтаах.

Үсүһүнэн, “Яжемать” төрөппүт олус элбээтэ. Оҕотун кытта дьарыктаммакка сылдьан, кэлтэйдии оскуолаттан эрэ ирдиир. Япония үөрэҕин систиэмэтэ биһиэхэ атыннык киирдэ. Оҕону мөхпөттөр, кинилэр ону сүүһүнэн сыллар устата киллэрбит систиэмэлэрэ, биһиэхэ аҕыйах сыл иһигэр киирэн эрэр курдук көрөбүн. Оҕоҕо, төрөппүккэ олус улахан быраап бэрилиннэ. Оҕо быраабын эрэ билэр, эбээһинэһин билбэт.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0