Михаил Лукачевскай быыһааччы туһунан киинэ уһулла (ВИДЕО, ХААРТЫСКАЛАР)

22.02.2017
Бөлөххө киир:

Киһи киинэттэн саҥа иэйиини ылаары көрөр диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо. Сахалыы ужас, боевик, триллер — бу барыта дьон интэриэһин тардар. Сотору кэминэн тахсыахтаах бэрт интэриэһинэй киинэ Сахабыт сирин быыһааччыларыгар ананнна. Саҥа хартыына режиссерунаан — Михаил Лукачевскайы кытта көрсөммүт интервью ыллыбыт:

Чэлгийээнэ Бахсырова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

– Бу киинэ туһунан истибиппит ыраатта. Туох санааттан маннык киинэни устарга сананныҥ?

– «Спасатель» киинэ «Сахафильм» былааныгар 2016 сыллаахха киирбитэ. Киинэ жанра — боевик. «Сахафильм» уонна «Алмазфильм» киинэ хампаанньалара бүддьүөтүн өйөөтүлэр. Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспа салайааччытын Николай Находкины кытта эрдэттэн билсэр этим, урукку киинэлэрбин уһуларбар кинилиин наар сүбэлэһээччим. Ол иһин бииргэ үлэлээн, бу киинэни уһуллубут.

– Саха сиригэр боевик жанрдаах киинэ саҥа сайдан эрэр. Киинэни устаргытыгар туох ыарахаттары көрүстүгүт?

– Киинэни барытын Дьокуускайга устубуппут,ол быыһыгар аҕыйах хартыынаны Аммаҕа. Онно уу аннынааҕы устууну оҥоро сатаабыппыт, ол эрээри дэлби ардах түһэн мэһэйдэри үөскэппитэ. Аны хара уу кэлэн хаалбыта. Аммаҕа айылҕа кэрэ көстүүлэрин устан баран төннөн иһэн, Аллараа Бэстээххэ бэртээхэй барсар сири буламмыт онно салгыы үлэлээбиппит. Уопсайынан, боевиктары, экшннары, элбэх каадрдаах киинэлэри устарга тэрээһин өттүгэр үгүс уустуктары көрсөр эбиккин: мал-сал булуута-талыыта, маассабай сыанаҕа дьону түмүү, араас докумуоннары толоруу, кэпсэтиилэри ыытыы… Бастаан утаа устан иһэммит, кэккэ мэһэйдэри көрсүбүппүт, онон продюсер Николай Новгородов көмөлөспүтэ. Аҥардас икки-үс киһи кыайбат үлэтэ.

Киинэбит ис хоһооно уустук, төһөнөн ис хоһоон уустук даҕаны соччонон ороскуоттаах буолар. Быыһааччылар баһаарга үлэлииллэр, кыһыннары-сайыннары ууга түспүт дьону быыһыыллар, муус анныгаар барбыт массыынаны хостууллар, муммуттары көрдүүллэр, араас быһылааннарга эмиэ барытыгар бастакы уочарат баар буолуохтарын наада. Онон бу үлэ ыараханын, уустугун, ылбычча киһи быыһааччы буола охсубат диэн сыалтан бу киинэни уһуллубут. Маны барытын көрдөрөр олус уустук, биир-икки хамсаныынан барыта оҥоһуллан хаалбат. Ыллын даҕаны баһаары, аварияны кыайан оҥорбоккун — манна барытыгар харчы уу курдук бара турар. Онон төһө кыалларынан бу уустук үлэ ис куукунатын көрдөрөргө дьулустубут.

— Киинэбит аата нууччалыы эбит. Оттон киинэҕэ сүрүн оруоллары кимнээх толордулар?

— Сүрүн оруоллары А.С. Пушкин аатынан нуучча тыйаатырын эдэр артыыһа Александр Кабунов уонна Саха тыйаатырын артыыһа Иван Попов оонньоотулар. Киинэбит нууччалыы тылынан буолан арыый даҕаны «бааһынай», нууччатыҥы көрүҥнээх дьону тала сатаабыппыт.

— Киинэҕиттэн бэйэҥ саамай сөбүлээбитин тугуй?

— Хас биирдии киинэ киһиэхэ уопуту биэрэр. Ол курдук, «Спасатель» киинэ устуутун тухары элбэххэ үөрэнним, уопутурдум. Ытыалаһыы, охсуһуу сыаналара хайдах оҥоһуллалларын биллим. Устар бөлөх төһө кыайарбытынан үлэлээтибит. Маннык хабааннаах киинэни уруккуттан устар буолбатахпыт, бастакы уопут диэтэххэ — үчүгэй. Табыллынна дии саныыбын.

— Киинэни барытын төһө өр уһуллугут? Билигин туох үлэтэ бара турарый?

— Уопсайа икки ый курдук уһуллубут. Дьиҥэ, тэрээһин боппуруоһа эрдэ кыаллыбыта буоллар арыый сөбүгэр соҕус бүтүөхтээх этибит. Билигин таҥыы, тыас-уус туруоруута бүтэн, муусукатын тала сылдьабыт. Киинэбит билигин Санкт-Петербурга баар, дьаарыстанан бүтэрэ кыра хаалла, нууччалыы эттэххэ, «финальная стадия» дэнэр.

— «Спасатель» киинэни киэҥ экраҥҥа хаһан көрөбүт?

— Бу сыл муус устар 20 күнүттэн киинэ тыйаатырдарыгар тахсыаҕа. Реклама, киинэни билиһиннэрии үлэтэ номнуо бара турар.

— Арба, эмиэрикэлэр «Спасатель» диэн киинэлээхтэр дии. Бу киинэ ис хоһоонугар майгынныыр дуо?

— Биһиги киинэбит ис хоһооно олох атын. Барытын арыйан биэрбэппин, киинэни көрөөрүҥ, бэйэҕит сыаналаарыҥ.[vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=nx-eoYXyjlo» title=»«Спасатель« киинэттэн быһа тардыылар»]

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0