Өспөх олохтоохторо Егоровтар 60, оттон Сивцевтэр 50 сылларын бэлиэтээтилэр

Бөлөххө киир:
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо Егоровтар ыал буолан олорбуттара 60, оттон Сивцевтэр 50 сылларын бэлиэтээтилэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата  иһитиннэрдэ.

Анна Иннокентьевна уонна  Максим Артамонович  1962 сыллаахха ыал буолбуттара. Кинилэр биэс  оҕолоохтор, 11 сиэннээхтэр уонна 5 хос сиэннээхтэр. Анна Иннокентьевна  уһун кэмҥэ оҕо саадыгар бэриниилээхтик үлэлээн, Өспөх нэһилиэгин элбэх көлүөнэ оҕолорун иитэн-үөрэтэн таһаарбыта. Оттон  Максим Артамонович тыа хаһаайыстыбатын уонна ойуур хаһаайыстыбатын сайыннарыыга бары күүһүн ууран туран үлэлээбитэ.

Ирина Егоровна уонна  Анатолий Дмитриевич Сивцевтэр  ыал буолбуттара быйыл  50 сылын  бэлиэтээтилэр.  Сивцевтэр Өспөх нэһилиэгин уопсастыбаннай олоҕор өрүү көхтөөхтүк кытталлар. Ирина Егоровна учаастакка биэлсэрдиир, оттон Анатолий Дмитриевич уһун сылларга мэхэньисээтэрдээбитэ.  Кинилэр үс оҕолоохтор,   11 сиэннээхтэр уонна 4 хос сиэннээхтэр.


Нэһилиэк баһылыга Лена Свешникова үбүлүөйдээх ыаллар  хас биирдии саҥа үүнэр күнү үөрүүнү кытта көрсөллөрүн, дьиэ кэргэннэрин сылаас  холумтаннарын араҥаччылыылларын туһунан этэр.
Ытыктабыллаах Анна Иннокентьевна уонна  Максим Артамонович, Ирина Егоровна уонна  Анатолий Дмитриевич эһигини бу үөрүүлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибит, кытаанах доруобуйаны, уһун олоҕу баҕарабыт диэн улуус дьаһалтата бэйэтин эҕэрдэтин тириэртэ.
edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0