Ил Дархан Айсен Николаев туруорсуутунан, «АЛРОСА» хампаанньа Дьокуускай уонна Мииринэй лабораторияларыгар covid-19 чуолкайдыырга түргэн тест оҥорор 7000 тэрили атыылаһан биэрдэ. Ити тест көмөтүнэн, түмүк биир чааһынан биллэр.
«Изотерм SARS-Cov-2 РНК — скрин» саҥа ньыманан оҥоһуллар тест Арассыыйа үрдүнэн Саха сиригэр бастакынан кэллэ. Маныаха анаалыстар сүрүннээн чопчу буолуохтара уонна түмүктэрэ түргэнник быһаарыллар диэн бэлиэтииллэр. Маннык тиэстэринэн РФ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин уонна Роспотребнадзор испииһэгэр киирбит кутталга сылдьар дьону бэрэбиэркэлиэхтэрэ.
Коронавирус дьаҥын тохтотор туһуттан, «АЛРОСА» хампаанньа уопсайа 200 мөлүйүөн солкуобайдаах көмөнү оҥорбут. Ити харчыны тыҥаны кислородунан хааччыйар аппарааттары, мааскалары, бэрчээккэлэри, эми-тому атыылаһарга тутталлар.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат , edersaas.ru
Хаартыска yakutia-daily