Саха сиригэр 19 социальнай эбийиэк үлэҕэ киириэҕэ

21.10.2020
Бөлөххө киир:

2020 сыл бүтүөр диэри Саха сиригэр 19 социальнай эбийиэк, ол иһигэр «Демография» уонна «Үөрэхтээһин»  национальнай бырайыактар чэрчилэринэн  оскуолалар,  оҕо уһуйааннара, успуорт тэрилтэлэрэ, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ тутуллуохтаахтар.

— Биһиги социальнай наадалаах эбийиэктэри өрөспүүбүлүкэҕэ кэмигэр киллэриэхтээхпит. Ол эбэтэр, бары куонкурустаах үлэлэр, хантараактар хаачыстыбалаахтык толоруллуохтаахтар, — диэн СӨ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Андрей Тарасенко тутуу кыраапыгын толоруу сугулааныгар иһитиннэрдэ.

Бу мунньахха тутуу бэдэрээччит тэрилтэлэрэ уонна муниципальнай  үөрэхтээһин баһылыктара сырыттылар.  Мунньах кэмигэр сүрүн болҕомтону Сунтаар улууһун киинигэр «Демография» уонна «Дьахтар дьарыктаах буолуутугар оҕо үс сааһыгар диэри уһуйааҥҥа сылдьар усулуобуйатын олохтооһун» диэн федеральнай бырайыагынан тутулла турар үс этээстээх уһуйаан уурулунна.

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев эбийиэги сыл бүтүөр диэри туттарары сорудахтаабыт. Ол курдук,  өрөспүүбүлүкэ премьерын эбээһинэһин толорооччу Андрей Тарасенко туһааннаах министиэристибэҕэ уонна улуус дьаһалтатыгар эбии оробуочай күүһү буларга, тутууну кэмигэр бүтэрэргэ дьаһайда.

Ульяна  Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0