Социальнай хантараак — кэскиллээх өйөбүл

Ааптар: 
08.04.2021
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова оробуочай командировкаҕа кэлэн барда. Кини Аартыктааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр, Уус-Ньаратааҕы Оҕо дьиэтигэр сылдьан, олоҕу-дьаһаҕы кытта билистэ.

Улуус дьаһалтатыгар миниистир кыттыылаах муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын солбуйааччыларыгар, социальнай хайысхаҕа эппиэттээх тэрилтэлэр салайааччыларыгар анаан социальнай хантараагы түһэрсиигэ саҥа уларыйыыларга сыһыаннаах сэминээр буолла. Улуус баһылыга Иннокентий Сивцев бэлиэтээбитинэн, урукку сылларга социальнай хантараакка улууска 4 мөлүйүөн солкуобай үп аттарыллар эбит буоллаҕына, быйыл бу суума 10 мөлүйүөн солкуобайга тиийиэҕэ. «Бу Тымныы полюһун олохтоохторугар төһүү өйөбүлүнэн буолуоҕа», — диэн эттэ улуус баһылыга.

Баҕалаах үгүс

2013 сылтан нэһилиэнньэни социальнай хайысханан өйөөһүҥҥэ сонун сүүрээн олоххо киирбитэ. Ол эбэтэр үлэтэ суох дьону, кыаммат элбэх дьиэ кэргэни өйүүр социальнай хантараак көрүҥүн дьон бэркэ сэргээбитэ. «2017 сыллаахха муниципальнай тэриллиилэри кытта нэһилиэнньэҕэ социальнай өйөбүлү оҥорууга сөбүлэҥнэри түһэрсибиппит уонна анал хамыыһыйалары тэрийбиппит. Ол ыытыллыбыт үлэ түмүгэр улууска 69 хантараак түһэрсиллибитэ. Тыа сиригэр дьон сүөһү ииттэр баҕалаахтар. Онон ордук элбэх хантараак — 54 докумуон бу хайысхаҕа оҥоһуллубута. Оттон улуус киинигэр сүрүннээн кэсмиэтикэ солуонун, айан өҥөтүн, полуфабрикаттары оҥоруу, эти уонна балыгы ыыһыыр сыаҕы үлэлэтии курдук хайысхаларга үлэ барар. Социальнай хантараактан саҕалаан, хаһаайыстыбаларын хаҥатар баҕалаах дьон үксээтэ. Ол курдук, Сордоҥнооххо аны коза ииттэн эрэллэр», — диэн  улуустааҕы социальнай харысхал управлениетын салайааччыта Прасковья Аммосова санаатын үллэстэр. Миниистир Елена Волкова Өймөкөөҥҥө сырыытын кэмигэр социальнай хантараагы түһэрсибит дьон үлэлэрин кытта билистэ, бу салааҕа тахсыбыт саҥа уларыйыылары кытта билиһиннэрдэ


Сылгы ииттэр баҕатын толордо

Төрүт нэһилиэгин олохтооҕо Михаил Егоров оҕо эрдэҕиттэн сылгы ииттэр баҕатын олоххо киллэрэн, былырыын докумуонун хомуйан, социальнай хантараак түһэрсибит. «Ыччаттар өйөбүл харчынан туһанар докумуону хомуйсалларын көрөн, мин кэргэмминээн сүбэлэһэн баран, сылгы ииттэргэ санаммыппыт. Түөрт убаһаны кыһын сиир отторун кытта атыылаһан, быйыл этэҥҥэ кыстаттым. Эдэр ыалы өйүүр бэрт бырагыраама эбит. Өссө да итинник араас өйөбүл тахсан иһэрэ буоллар, хаһаайыстыбабытын хаҥаттыа этибит. Өрөспүүбүлүкэбит, оройуоммут салалталарыгар дьоһуннаах өйөбүллэригэр махталбын биллэрэбин», — диэн Михаил Егоров санаатын үллэстэр.

Миниистир Елена Волкова Өймөкөөҥҥө оробуочай сырыытын олохтоохтор бэркэ сэргээтилэр уонна сэминээргэ сылдьыбыт, көрбүт-истибит дьаһалталар баһылыктарын солбуйааччылара саҥа туох уларыйыылар тахсыбыттарын билиһиннэрэллэрин эрэнэ кэтэһэллэр.

Елена Потоцкая.

Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспатын уонна ааптар хаартыскалара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0