Социальнай тэрилтэ сабыллар кутталлаах

27.06.2018
Бөлөххө киир:

 Эрэдээксийэҕэ Бүлүү улууһун Сыдыбыл нэһилиэгин олохтоохторуттан сурук киирдэ.

 

«Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара дорооболоруҥ!

Биһиги нэһилиэкпитигэр баар инбэлиит уонна кырдьаҕас дьону реабилитациялыыр, ыарахан ыарыы кэннэ доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииммит сабыллар сураҕын истэн, олус хомойдубут, харааһынныбыт, санаабыт букатын түстэ.

Улуу Кыайыыны уһансыбыт сэрии, тыыл бэтэрээннэрэ, ыар-сут сылларга оонньоммотох оҕо саастаах сэрии кэмин оҕолоро, көрүүгэ-истиигэ, ураты болҕомтоҕо наадыйар инбэлииттэрбит кэлэн сынньанан, доруобуйаларын көннөрүнэн, чэбдигирэн барар, олохторун уһатар, санааларын көтөҕөр, бэйэлэрин үөлээннээхтэрин кытта көрсөн сылаас дьиэҕэ ирэ-хоро кэпсэтэн, иҥэмтиэлээх минньигэс аһы аһаан, кырдьар саастарыгар амарах санаалаах үлэһиттэр сылаас ытыстарын үрдүгэр, сымнаҕас сыһыаннарыгар сылаанньыйар, сынньанар ньээкэ уйалара – Сыдыбыл профилакторийа.

Үрдүк категориялаах быраас, дириҥ билиилээх салайааччы — профилакторий сэбиэдиссэйэ Маргарита Михайловна Алексеева. Кини тус сатабыллаах салайыытынан уопсайа 16 үлэһит күн бүгүн тигинэччи, үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы олорор. Үлэһиттэр бары Сыдыбыл олохтоохторо, оҕолордоохтор, сорохторо сиэннэрдээхтэр, кинилэр бары даҕаны түс-бас, нэһилиэккэ убаастанар, көхтөөх ыаллар.

Профилакторий тэрилтэ быһыытынан нэһилиэккэ буолар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар, хаһан да туспа туора турбат. Кэлэктиип олус эйэлээх, биир сомоҕо өйдөөх-санаалаах. Ол иһин үлэлэрэ да тахсыылаах, үтүө түмүктэрдээх, дьон-сэргэ, аҕам саастаах дьон махталын ылыахтарын ылаллар.

Бу хас 16 үлэһит — 16 дьиэ кэргэн. Бу дьиэ кэргэн дохуота, оҕолорун аһатар-таҥыннарар, хааччыйар хамнаһа. Нэһилиэккэ кыаммат-түгэммэт, үлэтэ суох, социальнай өттүнэн кутталга киирэр ыал ахсаана  биирдэ эбиллэ түһэр.

Күн бүгүн биһиги кырдьаҕас, кыаммат дьоммут иннигэр төлөммөт иэстээхпит. Кэннилэрэ уһаабыт, иннилэрэ кылгаабыт дьоммутун көрөр-истэр, болҕомтолоохтук сыһыаннаһар биһиги бары ытык иэспит буолбатах дуо? Кинилэр күннээҕи олохторун үөрүүнэн толорор, доруобуйаларын чэбдигирдэр, үтүөтүк эйэҕэстик сыһыаннаһар, төһө кыалларынан олохторун уһатар биһиги бары ытык иэспит буолбатах дуо?

Онон салалтаҕа көрдөһүүлээхпит — нэһилиэкпитигэр баар профилакторийы саптарбаккыт буоллар диэн.

 

Сыдыбыл нэһилиэгин олохтоохторо.

Үлэлиир кэлэктиип кырдьаҕастарын кытта. 2018 с. 

Сылга 320 киһини чэбдигирдэллэр

Бүлүү улууһугар 24 нэһилиэк баар, онно 25 тыһыынча кэриҥэ киһи олорор. Улуус үрдүнэн 2133 инбэлиит (ол иһигэр 253 оҕо), 2 сэрии бэтэрээнэ, 330 тыыл бэтэрээнэ, 2498 үлэ бэтэрээнэ бааллар.

Бу дьон бары да кэриэтэ Сыдыбыл сэлиэнньэтигэр баар Н.С. Гоголев аатынан кырдьаҕастары, инбэлииттэри реабилитациялыыр отделение өҥөтүгэр наадыйаллара чахчы. Бу отделение Бүлүүтээҕи нэһилиэнньэни хааччыйар кэлим киин салаата буолар.

Сыдыбылга тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Онно 82 инбэлиит, 204 кыаммат ыал (536 киһилээх) баар. Отделение 15 күнүскү сытар куойкалаах, манна олохтоохтортон 15 киһи үлэлиир. Сыл иһигэр барыта 320 кырдьаҕас уонна инбэлиит дьон эмтэнэн, 15 күн устата доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэн тахсаллар.

Ол курдук, массаас, физиотерапия, эмтиир физкультура, отунан, пиявканан эмтээһин өҥөлөрүн оҥороллор. Биир этээстээх мас дьиэҕэ физиокабинет, массаастыыр хос, тренажернай, туалет, сынньанар, аһыыр, суунар, утуйар хостор бааллар. Астыыр уонна таҥас сууйар дьиэ туспа турар. Киин ситим­тэн ититиллэр. Ууну тиэйэн аҕалаллар. Ол гынан баран, баһаарынай сулууспа баһаартан куттала суох буолууну хааччыйбат диэн быһаарыы таһаарбыт. Ону 2019 сыл бүтүөр диэри туоратыахтаахтар.

Бу кииҥҥэ Бүлүүттэн эрэ буолбакка, ыаллыы сытар Үөһээ Бүлүүттэн, Ньурбаттан, Сунтаартан, Горнайтан, Кэбээйиттэн, ону тэҥэ Эдьигээнтэн, Усуйаанаттан, Дьокуускайтан, Чурапчыттан, Уус Алдантан кытта кэлэн эм­­тэнэллэр эбит. Онон былаанын барытын толорон иһэр.

Сабар туһунан бирикээс

Мин иннибэр Үлэ, социальнай сайдыы министиэ­ристибэтин оробуочай мунньаҕын ыам ыйын 11 күнүнээҕи боротокуола сытар. Онно этиллэринэн, Н.С. Гоголев аатынан Сыдыбыллааҕы кырдьаҕастары, инбэлииттэри реабилитациялыыр  отделение сабылларын туһунан бирикээс тахсыахтаах.

Бүлүү улууһун социальнай управлениетыгар инбэлииттэргэ бэриллэр квотаны элбэтэргэ диэн этиллибит. Бу квотанан Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэри социальнай-чэбдигирдэр кэлим кииҥҥэ баран, эмтэниэхтээхтэр. Ону тэҥэ үлэлэриттэн ууратыллыбыт 6 киһиэхэ үлэ булан биэрэллэригэр дьарыктаах буолуу кэмитиэтигэр уонна улуус дьаһалтатыгар сорудахтаабыттар.

“Салгыы хайдах буоларбыт биллибэт…”

Юрий Тутукаров, Бүлүүтээҕи нэһилиэнньэни хааччыйар кэлим киин дириэктэрэ:

— Отделениены сабар куттал билигин да баар. Бэйэҕит үпкүтүнэн тутуҥ, оччоҕо хаалларыахпыт дииллэр. Баһаарынайдар ирдэбиллэринэн, чуолаан таас дьиэ буолуохтаах. Билигин Бүлүү Сосновкатыгар 150 миэс­тэлээх психоневрологическай интэринээт-дьиэ тутулла турар. Онон, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн биир улууска икки социальнай эбийиэги туппаттар.

Ол да буоллар, улуус мунньаҕар боппуруос туруоран, дьокутааттар 3,5 мөлүйүөнү улуус бүддьүөтүттэн көрөн, тутууну саҕалыахха диэн быһаардылар. Салгыы хайдах үбүлэнэрэ биллибэт.

Билигин үлэлии турар дьиэбит, дьиҥинэн, эргэ буолбатах, барытыгар эппиэттэһэр. 2001 сыллаахха көһөрүллэн аҕалан тутуллубута. Ол эрээри, баһаарынайдар этэллэринэн, кырдьаҕастар, инбэлииттэр мас дьиэҕэ олоруо суохтаахтар. Бу Бүлүү умнаһын улуустарыгар маннык реабилитациялыыр киин соҕотох. Ол иһин атын улуустартан хото кэлэллэр.

Министиэристибэ хоруйдаабата

Хаһан баҕарар оҥорор­дооҕор-аһардааҕар сабар-ыһар чэпчэки. Сабан баран, ол кэнниттэн саҥаттан тэрийэр, аһар сүрдээх ыарахан буолуо. Оттон тыа сирин нэһилиэгэр социальнай тэрилтэ улахан суолталааҕа өйдөнөр. Туох эрэ быыһы-хайаҕаһы, балаһыанньаттан тахсар суолу көрдөөн көрүөххэ баара?

Сыдыбыл олохтоохторун суруктарын тутан баран, Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр ыйытык суруйан ыыппыппыт. Икки нэдиэлэттэн ордук кэм ааста да, официальнай эппиэти биэрбэтилэр. Дьиҥинэн, иккис өрүт санаата баара ордук этэ. Салгыы кэ­­тэһэбит.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0