Социальнай төлөбүрдэри суут бириистэптэрэ туталлара тохтуур

25.02.2019
Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин социальнай хайысхалаах төлөбүр иэһин күһэйэн туран тутан ылары тохтотор сокуоҥҥа илии баттаата. Сокуон 2020 сыл от ыйын 1 күнүттэн бэйэтин күүһүгэр киириэҕэ.


Холобур, суут бириистэптэрэ иэстээх киһи счетуттан харчыны тутан ылаллар. Кинилэр бу счекка хантан кэлэр харчы буоларын билбэттэр. Баҕар, иитэр-аһатар киһитин сүтэрбитигэр анаммыт биэнсийэ буолуо, баҕар, туох эрэ алдьархай содулуттан эмсэҕэлээбит киһиэхэ бэриллэр босуобуйа буолуо? Бу харчы кини үлэлээбэт кэмигэр тыыннаах буолар мэктиэтэ эбээт. Манныкка биэнсийэлээх иитиллэн олорор биэнсийэтин тутан ылар бырааптара эмиэ суох.

Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин этэринэн, бу маннык быһыы-майгы аны тахсыа суоҕа. Сокуоҥҥа киллэриллибит уларытыылар түмүктэринэн, баан систиэмэтигэр социальнай хайысхалаах төлөбүрдэр ырылхайдык көстөн, аны, туора дьон быһа тутан ылар кыахтара суох буолуо.

Билигин бу сокуон олоххо киирэригэр араас нуормалар, докумуоннар ылыллаллара наада буолан, сыл аҥаарын кэриҥэ күүттэрэллэр.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0