Социальнай төлөбүрдэр үрдээтилэр

Бөлөххө киир:

Үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) үрдээтэ. Саҥа сокуон киирэн, билигин орто хамнаска буолбакка, медианнай дохуот диэҥҥэ тирэҕирэн ааҕар-суоттуур буоллулар. Холобур, орто хамнаска салайааччылар уонна үлэһиттэр хамнастарын барытын эбэн, ортотунан ылар буоллахтарына, медианнай дохуокка үлэһиттэр эрэ хамнастарын ааҕаллар. Бу кинилэр дьиҥ дохуоттарын билэргэ ордук табыгастаах.

2021 сылга МРОТ медианаттан 42%-нан үрдээн, 12 792 солкуобайга тэҥнэстэ (Арассыыйаҕа). Саха сиригэр – бүддьүөт үлэһиттэригэр 30-35 тыһыынча солкуобай, атын эйгэ үлэһиттэригэр – 18 930 солкуобай. Онон 30 тыһыынча кэриҥэ бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ. Ону тэҥэ, оҕоломмут дьахталлар дэкириэттэрэ, оҕону көрөн олорууга буосуобуйа суумата эмиэ үрдүөҕэ.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ медианнай дохуот 44,2%-гар тэҥнэһэн, 11 653 солкуобай буолла. Саха сиригэр — ортотунан 17 877 солкуобай.

Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр страховой биэнсийэлэрэ индексацияланан, 6,3% үрдээтэ. 2021 сылга Ийэ хапытаала 3,7 % үрдээн, бастакы оҕоҕо – 493 882 солкуобайга, иккис оҕоҕо – 155 550 солкуобайга тэҥнэстэ. Бастакы оҕоҕо Ийэ хапытаалын ылбатах буоллахха, иккис оҕоҕо 639 432 солкуобай буолар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0