Социальнай өҥө набора (НСУ) ый аайы харчынан төлөбүрү (ЕДВ) ылар дьоҥҥо бэриллэр.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Бу өҥөлөргө туох киирсэрий?
Ырыссыабынан бэриллэр эминэн, медицинэ тэриллэринэн уонна инбэлиит оҕо эмтэнэригэр анал бородууктанан хааччыллыы — 807 солк. 94 харчы;
Санаторнай-курортнай эмтэнии —124 солк. 99 харчы;
Куораттар икки ардыларыгар сылдьар тырааныспарынан уонна куорат чугаһыгар тимир суол тырааныспарынан эмтэнэ барарга босхо айан. I группалаах инбэлииттэри уонна инбэлиит оҕону арыаллаан илдьэр дьон эмиэ босхо айанныыллар — 116 солк. 40 харчы.
НСУ кээмэйэ – ыйга 1048 солк. 97 харчы.
Социальнай өҥөттөн аккаастанан, харчынан ылыахха сөп. Манна региоҥҥа чэпчэтиинэн туһанааччылар (тыыл бэтэрээннэрэ, реабилитацияламмыт уонна бэлиитикэ репрессиятыгар түбэспит дьон) хапсаллар.
Сайабылыанньалары алтынньы 1 күнүгэр диэри социальнай көмүскэл управлениетыгар туталлар. Аҕыс күн иһинэн боппуруос быһаарыллыахтаах.
Тыыл бэтэрээннэрэ уонна бэлиитикэ репрессиятыгар түбэспит дьон ырыссыабынан бэриллэр эминэн хааччыллыыттан аккаастанар кыахтаахтар. Оччотугар ый аайы харчыны илиилэригэр ылаллар.
Ханнык докумуоннар наадаларый?
Социальнай өҥөттөн аккаастанар туһунан сайабылыанньа;
Чэпчэтиинэн туһанар туһунан дастабырыанньа;
Пааспар;
Тыыл бэтэрээнин дастабырыанньата, эбэтэр репрессияҕа түбэспитин туһунан ыспыраапка;
Атын киһи бэрэстэбиитэл буоллаҕына, нотариуһунан бигэргэммит дэбиэрэннэс ирдэнэр.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/